Байыаннай дьайыыга Саха сириттэн кытта сылдьар байыастар тиистэрин эмтиэхтэрэ

Share

Чааһынай клиникалары өйүүр Дьокуускайдааҕы стоматологическай киин байыаннай дьайыы бара турар сиригэр тииһи эмтиир, туурар көмөнү оҥорор бырайыагы саҕалаата.

Бу бырайыак эмискэ баар буолбата, байыаннай дьайыыга биһиги байыаспыт тиийэн баран, аан бастаан тиис ыарыытын кыһалҕата кыһарыйан, урукку эйэлээх олоххо үлэлээбит идэтин – стоматолог буоларын санаабыт. Онно окуопаҕа сытан, аптамаатын санныгар кэтэн баран, биир дойдулаахтарын ыалдьыбыт тиистэрин туурталаабыт.

«Инники кирбиигэ сылдьар тииһиҥ ыалдьара – оҕо оонньуута буолбатах! Ханнык эрэ түөрт ый иһигэр биэдэрэ аҥара тиис муһуллубут, – диэн байыас ахтар. – Миигин саллааттарга эрэ буолбакка, хамандыырдарга кытары ыҥыраллара. Бары бастакы кирбиигэ баарбыт. Мин дрон бэлиэтии көрбөтүн диэн, ыарыһахтарга диэри сыыллан тиийэрим уонна оннук төннөрүм».

Госпиталга тииһи стоматологтар эмтииллэр, ол эрээри онно сыл аҥаарын инниттэн уочарат буолар. Саллааттар атастарын ытыктаан «Таай» (нууччалыы Дядя) диэн ааттыыр буолбуттар.

Саха сириттэн сылдьар байыастар тиистэрин харыстыыр сыалтан Дьокуускайдааҕы стоматологическай киин маннык бырайыагы оҥорорго быһаарыммыта. Бырайыак үтүө дьыала чэрчитинэн оҥоһуллар. Эмп-томп, медикамент, прибор наада буолбута. Онуоха «SIVOMI» стоматологическай килииникэ дириэктэрэ Любовь Монастырева тута көмөлөһүөн баҕарарын биллэрбитэ. Кини тииһи эмтиир дьоҕус, тута сылдьар стоматологическай установканы биэрбитэ. Бу ыарахан сыаналаах оборудование 3 мүнүүтэ иһигэр эрэ хомуллар.
«Онно микромотор, ууну-салгыны-ыстарар бистэлиэт уонна атаҕынан салайар педаль баар, — диэн Любовь Монастырева кэпсиир. – Маннык установка биһиги байыастарбыт тиистэрин чөл хаалларарга көмөлөһүө. Ону тэҥэ уолаттарга десантнай-штурмовой үрүсээк ыытабын. Уолаттары барыларын этэҥҥэ, чэгиэн эргиллэллэригэр баҕарабын. Оттон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тиис оҥоттороллоругар чэпчэтиилээх өҥөнү биллэрэбин».

What’s your Reaction?
+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago