Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга көмөтүн өрүү ыытар
Кэбээйиттэн төрүттээх Филипп Иванович Бондарев байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дойдуну көмүскүү сылдьар байыастарга тиһиктээхтик көмөлөһөр.
Ол курдук аптечкалары эмтэринэн толортоон, судургу суотабай төлөпүөннэри атыылаһан, атын да наадалаах, олус туһалаах көмөтүн өрүү ыыта олорор. Маны тэҥэ дьону-сэргэни бу байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга болҕомтолоох, үтүө санаалаах буоларга көҕүлүүр.
Филипп Иванович бу күннэргэ бэйэтин көмөтүн «Якутия с тобой» ресурснай кииҥҥэ илдьэн туттарда. Бу сырыыга кини байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан олус туһалаах уонна наадалаах сабыс-саҥа кунуопканан үлэлиир төлөпүөннэри, 300 устуука харысхалы туттарда.
«Ааспыт сырыыга 2500 харысхалы оҥорон туттарбытым. Сакаас киирэ турар. Өссө да руно суруктаах харысхалы оҥорорго сакаас ыллым. Биллэн туран, босхо үлэлэһэбин. Бэйэм көмөбүн оҥорортон саллыбаппын», — диир Арассыыйа хаһаахтарын сойууһун пуолкатын атамаана Филипп Бондарев.
Санатан эттэххэ, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга смартфоннары туттары олоччу бобор дьаһал тахсыбыта. Смартфоннар нөҥүө байыастар ханна сылдьалларын эндэппэккэ булар дроннар элбээбиттэр.
Онон Филипп Иванович ыытар төлөпүөннэрэ байыаннай дьайыы бара турар сиригэр олус наадалаахтара чуолкай.
Татьяна Максимова-Лазарева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: