Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө
Ньидьили нэһилиэгин олохтоохторо оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр сыаллаах түбүгүрэллэр.
“Aхсынньы саҥатыгар байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар аһымал көмө барыахтаах. Онон уолаттарбытыгар күүс-көмө буолуоҕуҥ диэн олохтоох дьаһалта нөҥүө ичигэс таҥаһы, дойдубут соботун уонна да атын көмөнү хомуйдубут. Маҕаһыыннарынан, тэрилтэлэринэн анал дьааһыктары бэлэмнээтибит”, — диэн култуура сайдыытын киинин уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына кэпсээтэ.
Ол курдук «Кэнчээри» 22 №-дээх уһуйаан үлэһиттэрэ аһымал аахсыйа чэрчитинэн собо ыһаарылаабыттар, 11 устуука кэмпилиэк ичигэс таҥаһы бэлэмнээн мөһөөччүккэ укпуттар, бэйэлэрэ тутан-хабан харысхаллары оҥорбуттар. Маны таһынан эмтэри, банаарыктары, аныгы төлөпүөн ииттэриилэрин уонна да атын сэрии хонуутугар туттуллар малы-салы хомуйан туттарбыттар. Оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин көҕүлээһининэн 1-11 кылаас оҕолоро саллаакка суруктары уонна эмиэ наадалаах малы-салы хомуйбуттар. «Далбар» эбээлэр, эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ кээнчэлэри тикпиттэр, собо-балык ыһаарылаан биэрбиттэр.
“Ыаллыы олорор Кэбээйи нэһилиэгэр тиийэн кэнсиэртээн, киирбит үппүтүн улууспут Ассамблеятын счетугар ыыттыбыт.
Нэһилиэк баһылыга Aйыл Седельников нэһилиэктэн хомуллубут гуманитарнай көмөнү улуус Ассамблеятыгар туттарда. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр, салайааччыларыгар, түмсүүлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит!”, — диэн Альбина Ноговицына кэпсээнин түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: