Байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр

Байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр

19.01.2024, 14:43
Хаартыска: "Дойдуну көмүскээччилэр" пуонда
Бөлөххө киир:

“Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда тэрийбит “Бииргэ кыайыахпыт” диэн байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин иккис пуорумун чэрчитинэн  ыытыллыбыт “Патриот” конгресснай-быыстапка киинигэр бэтэрээннэри мэдиссиинискэй-социальнай чөлүгэр түһэрии “Возвращение”  бырагырааматын билиһиннэрдилэр.

Пуорумҥа дойду 89 эрэгийиэниттэн 400-тэн тахса демобилизацияламмыт байыас уонна пуонда эрэгийиэннээҕи салааларын социальнай сүрүннээччилэрэ уонна салайааччылара, былаас уонна экспертнай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

«Реаниматология уонна реабилитология федеральнай научнай-килиниичэскэй  киинэ мэйиилэригэр  эчэйиилээх дьону кытары үлэлиир. Ол иһин,  бу киин исписэлиистэрэ байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар саҥа сирдэригэр  тиийиилэрэ тэриллибитэ. Кинилэр ыйтан ордук кэм устата өйө-төйө суох сыппыт сүүһүнэн байыастары санитарнай авиациянан аҕалбыттара уонна доруобуйаларын чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Мин тус  бэйэм ити байыастары кытары кэпсэппитим. Кинилэр билигин олоххо толору төннөр  кыахтаахтар”, — диэн “Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда бэрэссэдээтэлэ Анна Цивилева эттэ.

Реаниматология уонна реабилитология федеральнай научнай-килиниичэскэй киинин дириэктэрэ Андрей Гречко кэпсээбитинэн, 2023 сылтан биригээдэлэр сытар балыыһалар уонна эвакуационнай подразделениелар быһыыларынан уонна Луганскайга уонна Ростов-на-Дону  тирэх балыыһалар базаларыгар тэриллибиттэрэ.

Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  сорудаҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр  «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда аһыллыбыта. 

#владимирпутин

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: