“Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда тэрийбит “Бииргэ кыайыахпыт” диэн байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин иккис пуорумун чэрчитинэн ыытыллыбыт “Патриот” конгресснай-быыстапка киинигэр бэтэрээннэри мэдиссиинискэй-социальнай чөлүгэр түһэрии “Возвращение” бырагырааматын билиһиннэрдилэр.
Пуорумҥа дойду 89 эрэгийиэниттэн 400-тэн тахса демобилизацияламмыт байыас уонна пуонда эрэгийиэннээҕи салааларын социальнай сүрүннээччилэрэ уонна салайааччылара, былаас уонна экспертнай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
«Реаниматология уонна реабилитология федеральнай научнай-килиниичэскэй киинэ мэйиилэригэр эчэйиилээх дьону кытары үлэлиир. Ол иһин, бу киин исписэлиистэрэ байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар саҥа сирдэригэр тиийиилэрэ тэриллибитэ. Кинилэр ыйтан ордук кэм устата өйө-төйө суох сыппыт сүүһүнэн байыастары санитарнай авиациянан аҕалбыттара уонна доруобуйаларын чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Мин тус бэйэм ити байыастары кытары кэпсэппитим. Кинилэр билигин олоххо толору төннөр кыахтаахтар”, — диэн “Дойдуну көмүскээччилэр” пуонда бэрэссэдээтэлэ Анна Цивилева эттэ.
Реаниматология уонна реабилитология федеральнай научнай-килиниичэскэй киинин дириэктэрэ Андрей Гречко кэпсээбитинэн, 2023 сылтан биригээдэлэр сытар балыыһалар уонна эвакуационнай подразделениелар быһыыларынан уонна Луганскайга уонна Ростов-на-Дону тирэх балыыһалар базаларыгар тэриллибиттэрэ.
Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда аһыллыбыта.
#владимирпутин
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…