Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕар уонна кини дьиэ кэргэнигэр өйөбүл миэрэ салҕанар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕыгар сөп түбэһиннэрэн, нуорма-быраап аакталарыгар олоҕуран, СӨ Бырабыыталыстыбата байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэри салгыыр. Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта эрэгийиэн таһымнаах 19 өйөбүл миэрэ көрүллэр, ол иһигэр мэдиссиинэ уонна социальнай өттүнэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии, үлэ булууларыгар көмөлөһүү, идэлэрин хайысхатын уларытан хат үөрэниилэрэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар чэпчэтии киирэллэр.

“Күн бүгүн мэдиссиинэ уонна социальнай өттүнэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэриини 201 байыаннай сулууспалаах уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 258 чилиэнэ ааста. 90 дьиэ кэргэн чилиэнэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарыгар материальнай көмөнү ылла. 31 ыал олорор дьиэтигэр гаас киллэрэригэр көмөнү туһанна. 51 төрөппүт санаторийга-курортка эмтэнэр быраабы ылла,  Арассыыйаҕа ханна баҕарар эмтэнэр бырааптаахтар. 71 киһи сир нолуогуттан босхолонно уонна биирдиилээн дьон баайга-дуолга нолуогар чэпчэтиинэн туһанна”, — диэн брифинг кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьан уонна Луганскай, Донецкай уобаластартан суох буолбут байыастар дьиэ кэргэттэрин өйүүр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи салаата аһыллыытыгар бэлэмнэнии үлэтэ барар.

“РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан аһыллыахтаах судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи салаата бу сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалыаҕа. Ыам ыйыгар РФ Барабыыталыстыбата судаарыстыбаннай пуонда устаабын бигэргэппитэ. Бастакы ылыллыбыт 30 координатор үөрэх бастакы түһүмэҕин Хабаровскайга РФ Бэрэсидьиэнин норуотун хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын Арассыыйатааҕы академиятын Уһук Илиҥҥи салайар управлениеҕа институтугар үөрэннэ. Социальнай координатордар дуоһунастарыгар сорунааччылары салгыы ылабыт”, — диэн Георгий Степанов эттэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ итэҕэлэ

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

3 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago