Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара үөрэх туттарсалларыгар чэпчэтиинэн туһаналлар

Share

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ үөрэххэ киирэллэригэр чэпчэтиинэн туһаныахтарын уонна туспа квотанан үрдүк үөрэххэ киириэхтэрин сөп (бүддьүөт миэстэтин уопсай ахсааныттан 10 % кырата суох). Бааллар тэҥнэһэр түбэлтэлэригэр улахан суолта байыаннай дьайыы кыттыылааҕар эбэтэр кини оҕолоругар бэриллэр.

Ол туһунан Саха сирин Наукаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Бу квота чэрчитинэн Арассыыйа дьоруойдара, Хорсун быһыы үс уордьанынан наҕараадаламмыттар, бааһырбыттар, ыалдьыбыттар уонна кинилэр оҕолоро (өлбүт байыастар оҕолоро) киирии эксээмэннэргэ боруобаланыыта суох киириэхтэрин сөп.
Билигин үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарыгар төрөппүттэрэ байыаннай сулууспаны барар кэмнэригэр 5706 солкуобай кээмэйдээх 517 үрдэтиллибит истипиэндьийэ төлөнөр, матырыйаалынай көмө оҥоһуллар, ону сэргэ устудьуон уопсай дьиэҕэ олорор дьиэнэн хааччыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago