Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр.
Медицинскай реабилитация уонна успуорт мэдиссиинэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр байыаннай сулууспалаахтарга анаан 10 куойка баар. Анал байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит байыаннай сулууспалаахтар бу кииҥҥэ мультидисциплинарнай эмтэниини бараллар. Бүгүҥҥү күн туругунан мобилизацияламмыт сүүрбэ киһи итиннэ баар диэн суруйар СИА кэрэспэдьиэнэ Саина Титова.
Киин доруобуйаны чөлгө түһэрэргэ көмөлөөх, наадалаах тэрилинэн хааччыллыбыт. Исписэлиистэр бэлиэтээбиттэринэн, үксүлэрэ контузиялаах (доргутуу) дьон киирэллэр.
Быстах байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын кытары манна мультидисциплинарнай биригээдэ үлэлиир: физиотерапевт, травматолог, ортопед, невролог, медицинскэй психолог, чөлгө түһэриигэ уонна эмтиир, чэбдигирдэр физкультуранан дьарыктыыр быраас.
«Биһиэхэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара байыаннай госпиталь кэнниттэн кэлэллэр. Пациеннар сүрүннээн бары контузиялаахтар, бары уйулҕаларыгар травмалаахтар. Хантараактаахтар эмиэ бааллар, уоппускаларын кэмигэр кэлбиттэр. Кииҥҥэ уон куойкалаах туспа палааталар бааллар. Чөлгө түһэрии комплексыгар барыта киирэр. Реабилитация кэнниттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт эдэр дьон үксэ үөрэхтэригэр төннөллөр», — диэн кэпсиир кылаабынай бырааһы эмтиир үлэҕэ солбуйааччы Сергей Черкашин.
Биллэрин курдук, байыаннай сулууспалаахтарга психолог сүбэтэ-амата олус наада. Киин медицинскэй психолога Ангелина Алексеева бастатан туран диагностикалыылларын, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн консультациялары оҥороллорун этэр. «Ким эрэ бу тиэмэҕэ кэпсэтиэн баҕарбат, сорохтор тута аһыллаллар. Саамай сүрүнэ, анал байыаннай эпэрээссийэ кытыылаахтарыгар, көннөрү пациеннарга курдук сыһыаннаһыахха, кинилэри ыгымыахха наада», — диэн этэр.
Медицинскай реабилитация уонна успуорт мэдиссиинэтин киинигэр соторутааҕыта саҥа тэрил аҕалыллыбыт.
Манна хас биирдии пациент 14 күн устатыгар реабилитацияланар. Наада буоллаҕына кииҥҥэ атын исписэлиистэри ыҥырыахтарын сөп.
Хаартыскалар СИА
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…
2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…