Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар көрүллэр өйөбүллэр туһунан кэпсээтилэр

Share

Саҥа үөрэх дьылын чугаһыгар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун оскуолаҕа босхо аһатыы уонна уһуйааҥҥа төрөппүт төлөбүрүттэн босхолооһун туһунан ыйытыы суолталаах буолар. Бу туһунан брифинг кэмигэр 122 “горячай лиинньийэ” салайааччыта Мария Винокурова иһитиннэрдэ.

Төрөппүттэрэ (сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ) байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар кэмигэр кыттыбыт эбэтэр кытта сылдьар 5-11-с кылаас үөрэнээччилэригэр босхо аһылык көрүллэр диэн кини эттэ. “Төрөппүтэ (сокуоннай бэрэстэбиитэлэ), ол иһигэр 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн байыаннай сулууспа саҕаланыаҕыттан  байыаннай сулууспаҕа сылдьар уһуйаан иитиллээччитин төрөппүтүн дохуотуттан тутулуга суох төлөбүрэ 100 % толуйуллар. Төлөөбүт төрөппүттэргэ хаттаан ааҕан көрөн баран төнүннэриэхтэрэ”, — диэн Мария Винокурова иһитиннэрдэ.

“Өскөтүн байыаннай сулууспалаахтар сокуоннай саастарын ситиэхтэригэр диэри тулаайах оҕолор эбэтэр төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор ахсааннарыгар киирэ сылдьыбыт буоллахтарына, бу өйөбүл миэрэлэринэн бииргэ төрөөбүт уонна тастыҥ (полнородных и неполнородных братьев и сестер) убайдара, бырааттара, эдьиийдэрэ, балыстара туһаныахтарын сөп”, — диэн салайааччы быһаарда.

Өҥөнү туһанарга ирдэнэр докумуоннар:

1). Бэйэни туоһулуур докумуон (аата, хаһан бэриллибитэ);

2). Аймахтыы буоларын туоһулуур докумуон (аата, хаһан бэриллибитэ, реквизиттара);

3). Сайабылыанньаҕа регистрацияламмыт, билигин олорор аадырыһы, ханнык оскуолатын ыйар ирдэнэр;

4). Төлөпүөн нүөмэрэ.

“Бу өҥөнөн аан маҥнай туһанар дьон СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор киинигэр МФЦ, МФЦ филиалларыгар эбэтэр  e-yakutia.ru порталга сайаапка биэриэхтээхтэр”, —диэн Мария Винокурова эттэ.

Эрэгийиэннээҕи 122 “горячай лиинньийэҕэ” 2023 сыл тохсунньутуттан 30,1 тыһ. тахсата төлөпүөннээбиттэр. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

5 часов ago