Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун доруобуйаларын бөҕөргөтүү көдьүүстээх
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чэбдигирдэр, чөлгө түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ олунньу 20 күнүттэн байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун уонна кинилэри арыаллыыр дьиэ кэргэн чилиэннэрин доруобуйаларын бөҕөргөтүү бырагыраамата олоххо киллэриллибитэ.
Ыам ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 56 чилиэнэ (ол иһигэр, 20 улахан киһи уонна 36 оҕо) доруобуйатын бөҕөргөттө.
Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ Зинаида Максимова:
«Биһиги кииммит исписэлиистэрин хамаандата доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ тус-туспа бырагырааманы оҥорор. Дьарыктар ахсааннара оҕо сааһыттан уонна кини сайдыытыттан тутулуктаахтар. Психолог хас биирдии оҕону кытары кэпсэтэр, физиотерапия, массаас, сынньалаҥ бырагыраамалара уо.д.а. бааллар», — диэн иһитиннэрдэ.
Оҕолор доруобуйаларын бөҕөргөтүү бырагырааматыгар театротерапия, арт-терапия, «Мои чувства» диэн терапия, гарденотерапия (үүнээйини кытары үлэ), ЛФК-дьарыктар, гидротерапия, сөтүөлүүр сиргэ дьарык, фиточай киирэллэр. Оҕолор сокуоннай бэрэстэбиитэллэригэр эмиэ психолог сүбэтэ-амата, уйулҕа трениннэрэ, юрист сүбэтэ-амата, массаас, физиотерапия, “Мин эһиэхэ итэҕэйэбин”, “Эмоциональное благополучие в семье” тиэмэлэргэ “төгүрүк остуоллар” ыытыллаллар.
«Доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ ыытыллар дьаһаллар туһалаахтарын көрдөрөллөр«, — диэн Зинаида Максимова бэлиэтээн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: