Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан 12,8 тыһыынча киһи көмө ылла

Share

Психология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан ыла  12,8 тыһыынча киһиэхэ тустаах көмөнү оҥордо, уопсайынан 15,4 тыһыынча биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн үлэ ыытылынна. Бу туһунан алтынньы 27 күнүгэр  СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

Билигин “Бэс Чагда” санаторий  доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киинигэр уйулҕа үлэһиттэрэ үлэлии барарга бэлэмнэнэллэр, кинилэр эбии үөрэнэ сылдьаллар.

«Ростов-на-Дону байыаннай госпиталга  уйулҕа үлэһиттэрин көһө сылдьар тохсус биригээдэлэрэ үлэлиир. Байыаннай сулууспалаахтары кытары үлэ “Дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда салаатыгар психолог кэбиниэтигэр, дьиэ кэргэттэри кытары үлэ Курашов аатынан уулусса 36-с дьиэтигэр ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар киин салаалара уонна көһө сылдьар психологическай десаннар өйөбүлү оҥороллор”, — диэтэ вице-премьер.

Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэ босхо тэриллэр. Баҕалаах дьон ааттарын-суолларын биллэрбэккэ туран көмөнү ылыахтарын сөп.

Итэҕэл суукканы быһа үлэлиир төлөпүөнэ, салаалар хантаактара: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салҕыы   6 уонна 2 кунуопкалары баттыыгыт.

Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар  уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар. Бэйэҕит этиилэргитин уонна  ыйытыыларгытын “суһал линия”  122 нүөмэринэн эбэтэр улуустар, куорат уокуруктарын баһылыктарын социальнай боппуруостарга солбуйааччыларын нөҥүө ыытыаххытын сөп.

(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago