Байыаннай эпэрээссийэҕэ алгыстаах үрүсээктэри тигэллэр

Share

Дзержинскэй уулуссаҕа баар «Якутия» технопааркаҕа иистэнэр сыахха күн ахсын массыыналар тигинэччи үлэлииллэр.

Быстах байыаннай хомуур саҕаланаатын кытта, «Якутия с тобой!” диэн көмөнү хомуйар ыстаап үлэтин саҕалаабыта. Бу ыстаап хос бэрэссэдээтэлэ Ирина Егоровна Саввина билигин иистэнэр сыаҕы сүрүннүүр:

Биһиги ыстаабы кытта ыкса үлэлэһэбит. Билигин мин технопааркаҕа иистэнэр сыаҕы сүрүннүүбүн. Күн ахсын уоннуу волонтер кэлэн иистэнэр. Волонтердарбыт диэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ийэлэр, эбэлэр буолаллар. Бастаан биһиги аптечка эрэ тигэр этибит. Кэлин үрүсээк, флистэн көстүүм, балаклава бэргэһэ, кээнчэ, баккы, аптечка кэмпилиэгин тигэн бэлэмниир буоллубут. Уопсайа 46 кэмпилиэги илдьэн ыстаапка туттардыбыт. Билигин сыахпытыгар 60-ча кэмпилиэк оҥоһулла сылдьар. Үрүсээкпит таһыгар сахалыы алгыс тыллаах. Бу тыллары бэйэм сааһылаабытым. Ону «Офсет” тэрилтэ бэчээккэ түһэрэн биэрдэ. Бастаан тигэн саҕалыырбытыгар улахан үөрүйэхпит суоҕа. Билигин үөрэнэн түргэммит. Инньэ гынан, тигэр арааспыт элбээн кэмпилиэктэри бэлэмниир буоллубут. Бэлиэтээн этэр буоллахха, матырыйааллары атыылаһарбытыгар мэдиссиинэ үлэһиттэрэ спонсордыыллар. Ол курдук, 1 №-дээх инфекционнай балыыһа 100 тыһыынча солкуобайы ыыппыта. Ону таһынан, өссө 100 тыһыынчаны 1 №-дээх поликлиника салайааччыта Алевтина Эверстова ыытта. Биһиги бэйэбит счеппут суох, онон маҕаһыыннарга сылдьан сөптөөх матырыйааллары ыллахпытына, счет нөҥүө төлүүллэр. Билигин сыахпытыгар сэттэ иистэнэр массыына тохтоло суох тигинэччи үлэлиир. Түгэнинэн туһанан күннэтэ үлэлиир, иистэнэр волонтердарбар махталбын тиэрдэбин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago