Госдумаҕа дьокутааттар мобилизация уонна байыаннай балаһыанньа кэмигэр хантараак түһэрсибиттэри холуобунай эппиэтинэстэн босхолуур туһунан сокуон барылын киллэрдилэр.
Бу сокуон барылын балаһыанньата маннык сирэйдэргэ тарҕаныаҕа:
— кыра уонна орто ыар буруйу оҥорбут уорбаланааччыларга;
— буруйдаммыттарга (сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору кытта сибээстээх, Конституционнай тутулу уонна судаарыстыба куттала суох буолуутун утары, ону тэҥэ терроризмы утары буруйу оҥорууларыттан ураты).
Ол курдук, уорбаланааччы хантараак түһэристэҕинэ холуобунай дьыалата тохтотуллар, оттон буруйдаммыттарга буруйу оҥоруу болдьоҕун боруостааһына «условнайга» уларытыллар. Кинилэри кэтээн көрүүнү байыаннай чаастар командованиелара ыытыахтара.
Хантараак түһэрсибит буруйданааччы байыаннай сулууспа кэмигэр атын буруйу оҥордоҕуна, бириигэбэри учуоттаан, урукку буруйу оҥоруу болдьоҕун боруостааһына уһаан уонна эбиллэн биэрэр. Аны туран байыаннай сулууспа кэмигэр хантараак түһэрсээччи судаарыстыбаннай наҕараада ыллаҕына, сокуон барылыгар олоҕуран буруйуттан босхолонор кыахтанар.
Сокуон ааптардара быһаарбыттарынан, маннык ис хоһоонноох сокуон барыла урут ылыныллыбыта. Ол эрээри, билиҥҥи докумуон кылгас болдьохтоох. Быраактыка көрдөрбүтүнэн, саҥа мэхэньииһим олоххо көдьүүстээхтик үлэлиир, оччотугар быраап нуормаларын биир тиһигэ оҥоһуллара былааннанар диэн ТАСС суруйар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…