Байыаннай кэрэспэдьиэн Владимир Укоев
Урут биһиги биирдэ эмэ байыаннай суруналыыстар тустарынан истэр буоллахпытына, 2014 сыллаахха Украинаҕа буолбут «майдан» кэнниттэн элбэхтик истэр буолбуппут. Оттон 2022 сыллаахха байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бэйэбит кытары «военкордаммыппыт».
Саха сирин суруналыыстара анал үөрэҕи ааһан байыаннай дьайыы сиригэр тиийэн бэйэбит уолаттарбытын көрсөн, кэпсэтэн, кинилэр тустарынан суруйаллар, киинэ усталлар. Кэнники кэмҥэ байыаннай дьайыы буола турар сириттэн Владимир Укоев диэн военкор устуулара «Сахамедиа» холдинг саайтарыгар уонна социальнай ситимнэргэ үгүстүк тахсарын Саха сирин олохтоохторо интэриэһиргээн көрөллөр. Кини инники кирбиигэ саамай чугас сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэн, Саха сирин байыастарын, кинилэр хайдах сылдьалларын, төрөөбүт дойдуларыгар, чугас дьонноругар эҕэрдэлэрин устан ыытар. Владимир Укоев биһиги «Сахамедиа» холдиммыт военкора, Биир кэлим сүрүннүүр киин Тирэх пуунун үлэһитэ. Кини бу күннэргэ Саха сиригэр уонча күҥҥэ уоппускатыгар кэлэ сырыттаҕына, биһиги суруналыыстарбыт көрсөн кэпсэттилэр.
– Владимир, эн байыаннай дьайыыга хайдах тиийбиккиний?
– Мин Биир кэлим сүрүннүүр киин иһинэн Тирэх пууҥҥа үлэлиибин уонна байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттары кытары кэпсэтэн, сюжет оҥорон ыытабын. Сылдьыбытым ыраатта, сыл курдук буолан баран бу дойдубар кэллим. Бастаан Сулустаан Заболоцкайы кытары байыаннай дьайыы буолар сирин туһаайыытынан бараҕын дуо диэн ыйыппыттара, онуоха ол сири үчүгэйдик билэр буоламмын, тута сөбүлэспитим. Донбаска тиийэн Биир кэлим сүрүннүүр киин иһинэн Тирэх пууннары тэрийсэн мобилизацияламмыт уолаттарга мал-сал, баһыылка, ас-үөл илдьэн саҕалаабыппыт. Байыастар төлөпүөннэрэ баар буолан, кэпсэтэн, ким ханна баарын билэн, чопчу тириэрдэ сатыырбыт. Кырыктаах кыргыһыы буолан ааспыт сирдэригэр көһө сылдьар буоланнар, сорохтор ханна баалларын даҕаны кыайан быһаарбат түгэннэрэ баар буолааччы. Ардыгар уолаттар төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро чугас киһилэрэ ханна сылдьарын сүтэрэн көрдөтөөччүлэр, оччоҕо көрдүүбүт, булабыт, илдьиттэрин тиэрдэбит, туох наадатын ыйыталаһабыт. Көмөнү бириэмэтигэр сөптөөхтүк тириэрдэ сатыыбыт.
– Эн бэйэҥ үлэҕин кытары военкор үлэтин хайдах дьүөрэлиигин?
– Миигиттэн, байыаннай дьайыы, онно кытта сылдьар уолаттар тустарынан устаҕын дуо диэн ыйыппыттарыгар сөбүлэспитим, бэйэбин холонон көрбүтүм, астыммытым. Уолаттары кытары биир тылы түргэнник булан кэпсэтэбин, улгумнук сөбүлэһэллэр. Мин фронт сиринэн барытынан, ДНӨ, ЛНӨ, Запорожскай уобалас туһаайыытынан суолу үчүгэйдик билэр буоламмын, элбэхтик айанныыбын. Онон ханна даҕаны тиийэн үлэлиирим миэхэ чэпчэки.
– Эйигин көрдөххө, мэлдьи үөрэ сылдьар курдуккун?
– Оннук. Маннык уустук кэмҥэ, ыарахан түгэннэргэ хайдах мэлдьи хомойо сылдьыаххыный. Биир түгэни кэпсиэм, биирдэ Тирэх пуун үлэһитэ Игорь Попову кытары мал илдьэ инники кирбии диэки айаннаатыбыт. Биир дэриэбинэҕэ кыргыһыы кэмигэр уолаттарга мал тириэрдэн баран, куттала суох сиргэ айаннаан эрдэхпитинэ, массыынабытын “Град” ытыалаан барбыта. Түргэн үлүгэрдик УАЗикпытыгар олороот 140 км/ч түргэнинэн айаннаабыппыт, онон түҥкүр-таҥкыр түһэн уот ардаҕыттан тахсыбыппыт. Ол кэннэ Игоры кытары дэлби күлбүппүт, онно биһигини кытары өссө биир киһи баара, кини тоҕо күлэҕитий итиччэ ыксаллаах кэмҥэ диэн соһуйбута. Биллэн турар, араас буолар, ол эрээри мэлдьи үчүгэйи эрэ саныы сатыыгын.
– Атын омуктар, азиаттар саамай хорсуннар, үчүгэй сэрииһиттэр дииллэр, эн туох дии саныыгын?
– Мин санаабар, азиаттар Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүүллэр, онуоха өлөллөрүн даҕаны кэрэйбэттэр, куттамматтар. Бу сылдьарым тухары кыргыһыыттан куттанан позициятын быраҕан куоппут киһини көрбөтүм. Бары бииргэ тутуһан, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһө сылдьаллар, биир санаанан салайтарар буоланнар, кинилэргэ чэпчэки диэххэ сөп. Үгүстэрэ тыа сириттэн сылдьар, онно бултаан-алтаан, оттоон-мастаан, дэриэбинэ олоҕор буспут-хаппыт буоланнар, барыны сатыыллар, өлөн-охтон биэрбэттэр. Мин тиийэ сырыттахпына, маннык уустук усулуобуйаҕа ас-астаабыт, чэй өрбүт буолаллар уонна онон күндүлүүллэр. Биирдэ оннооҕор, ыт саҕа куобаҕы бултааннар казаҥҥа буһара туралларыгар тиийбитим. Саха уолаттара булчут буоланнар, туртаһы, куобаҕы, куһу, фазаны бултаан астыыллар, мип-минньигэстик буһараллар. Ханнык даҕаны түгэҥҥэ кинилэр бэйэлэригэр эрэ эрэнэллэр.
– Эн дойдугар сылдьыбатаҕыҥ ыраатта, кэлэн баран пуортан тахсаргар туох туһунан санаабыккыный? Оҕолоруҥ туох дииллэрий?
– Биллэн турар, дойдубар кэлээт, оҕолорум туһунан санаабытым. Оттон, уонна дойду ахтылҕана баар буоллаҕа. Саха сирэ – улааппыт, киһи буолбут дойдум, онон олус күндү. Оттон оҕолорум аҕаларынан киэн тутталлар, кэлбиппиттэн үөрэллэр эрэ буоллаҕа. Кинилэр өйдүүллэр – аҕалара байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьарын, үлэлиирин, онон көмөлөһө эрэ сатыыллар.
– Эйэлээх кэмнээҕи олоҕуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Бурятияҕа төрөөбүтүм, ол гынан баран, оҕо сырыттахпына дьонум Саха сиригэр көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Манна бастакы кылааска үөрэнэ барбытым. Онон Саха сирэ – дойдум, манна миигин билэллэр, оттон Бурятияҕа тиийдэхпинэ, кими даҕаны билбэппин, миигин даҕаны билбэттэр. 29 №-дээх оскуолаҕа үөрэммитим, ол кэннэ аармыйаҕа сулууспалаабытым. Онтон кэлэммин үлэлээбитим, успуордунан сүрүннээн дьарыктаммытым. Аармыйаттан кэлээт даҕаны самбо көрүҥүнэн дьарыктаммытым. Урут манна бойобуой самбо сайдыбатах этэ, онон бэйэм күүскэ эрчиллибитим. Сыралаһан дьарыктанан, кылгас кэм иһигэр успуорт маастара буолбутум. Биһиги Саха сириттэн бойобуой самбо күрэҕэр кытта икки эрэ буолан барарбыт, идэтийбит тириэньэрбит эҥин суоҕа. Хата, биһиэхэ бырааттыы норуоттар, буряттар, монголлар, о.д.а. хайдах-туох буолуохтааҕын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан көмөлөһөллөрө.
– Саха сириттэн сылдьар уолаттарга хайдах сыһыаннаһалларый?
– Байыаннай дьайыыга омугунан араарсыы суох диэххэ сөп. Холобур, сахалар баар чаастарыгар биир узбек уолун көрсүбүппүт. Кини Узбекистантан төрүттээх эрээри, Саха сириттэн барбыт, дьоно манна олороллор эбит. Эмиэ барыларын курдук, саха быһаҕын өттүгэр иилинэ биһиги уолаттарбытын кытары тэҥҥэ сылдьар. Оттон, биллэн турар, саха байыастарын бары ытыктыыллар. Кинилэр хорсуннар, ханнык даҕаны усулуобуйаҕа сөптөөхтүк тэринэ, оҥосто, барыларыгар көмөлөһө сылдьаллар.
– Уолаттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Онно уолаттарга таҥас-сап, сэп-сэбиргэл бэриллэр эрээри, хаачыстыбалаах харыстанар маллары ылаллара ордук. Холобур, хантараагынан барар киһи, киниэхэ бэриллэр үбүнэн, илиини-атаҕы, моойу, эти-сиини харыстыыр маллары ылан барыан наада. Ол бэйэтигэр туһалаах, бэйэтин харыстаныыта буолар. Байыаннай дьайыыга барар киһи быстах санаанан салайтаран буолбакка, биир санааны ылынан тиийэрэ ордук. Итини тоҕо этэбиний, ардыгар мантан тиийэн баран санаалара тосту уларыйар дьон баар буолар. Өскөтүн Аҕа дойдуну көмүскүү бардыҥ даҕаны, Кыайыыга диэри сылдьыаххын наада буолар, ону өйдүөхтэрин наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: