Бүгүн Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы туһунан суруйар военкордар уонна суруналыыстар байыаннай кэрэспэдьиэннэр Руслан Гусаровы уонна Семен Пеговы кытта көрүстүлэр.
Көрсүһүү саҕаланыытыгар байыаннай кэрэспэдьиэн Руслан Гусаров маннык тэрээһини ыытаргыт олус үчүгэй, мин биир идэлээхтэрбэр анал байыаннай дьайыыны сырдата сылдьар суруналыыстар тустарынан устубут киинэбин көрдөрүөм диэн эттэ.
«2020 с. маннык идиэйэ биир өттүнэн эмискэ, иккиһинэн, эмиэ да олох ирдэбилин быһыытынан тиийэн кэлбитэ. Мин өр сылларга тэлэбиидэнньэ «Новости» биэриитигэр үлэлээбитим. Онон документальнай киинэ устуохпун баҕарбытым. Ол гынан баран, байыаннай тиэмэҕэ киинэ устар күннээҕи олоҕу устардааҕар уустуктардаах, манна киһи көрүүтүн, хараҕын, санаатын, барытын тириэрдиэххин наада. 2021 сыллаахха ХНТ Генеральнай Ассамблеята медийнэй уонна информационнай сырдатыыга нэдиэлэни ыытарга быһаарыммыта, онно бу киинэ 26 мүнүүтэлээх тизерин оҥорбуппут».
Салгыы байыаннай кэрэспэдьиэннэр мустубут суруналыыстарга биир чаастаах «Военкоры» документальнай киинэни көрдөрдүлэр. Ол кэнниттэн ыалдьыттар анал байыаннай дьайыыга сюжеттары, киинэни хайдах устар, инники былааннарын туһунан кэпсээтилэр, информационнай сырдатыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Байыаннай кэрэспэдьиэн Семен Пегов идэтийбит анал үөрэхтээх суруналыыс буолбатаҕын, кини блогер быһыытынан аан бастаан сюжеттары устан барбытын кэпсээтэ.
«Билигин урукку профессиональнай хааччахтааһыннар кыратык уларыйдылар. Бу анал байыаннай дьайыы урут атын эйгэҕэ үлэлээбит, ол гынан баран бэйэлэрин баҕаларынан военкор буолбут дьону таһаарда. Онон билигин анал байыаннай дьайыы туһунан кырдьыктаахтык, дьон күннээҕи кэпсэтэр тылынан таһаарыы барар. Дьон-сэргэ маны сэҥээрэр, көрөр. Эппитим курдук, эн талааннаах, киириилээх-тахсыылаах буоллаххына, эн телеграмм-ханаал арынан төһө баҕарар байыаннай дьайыы туһунан сырдатар кыаҕыҥ үөскээтэ. Онон ханнык баҕарар киһи военкор буолан, элбэҕи ситиһиэн сөп», — диэн Семен Пегов санаатын үллэһиннэ.
Тэрээһин түмүгэр байыаннай кэрэспэдьиэннэр биһиги суруналыыстарбытыгар инники кирбиигэ сылдьан анал байыаннай дьайыы туһунан сюжеттары, киинэлэри хайдах усталларын кэпсээтилэр, биир идэлээхтэрин кытары уопуттарын үллэһиннилэр, санаа атастастылар, элбэх ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…