Салгыы
Байыаннай сулууспаҕа саамай ханнык исписэлиистэргэ наадыйалларый?

Байыаннай сулууспаҕа саамай ханнык исписэлиистэргэ наадыйалларый?

26.11.2024, 16:17
Хаартыска: Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаахтары сүүмэрдээһин бара турар. Бу пууҥҥа кэпсээбиттэринэн, суоппардар, наводчиктар уонна связистар наадалар.

“Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык байыаннай исписэлиистэргэ  наадыйаллар:  байыаннай тиэхиньикэ суоппардара, гусеницалаах тиэхиньикэ мэхээнньик-суоппардара, артиллерия уонна тааҥка салааларыгар наводчиктар, сибээс исписэлиистэрэ”, — диэтэ сэтинньи 26 күнүгэр брифиҥҥэ Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүмэрдиир пуун инструктора, сержант Станислав Пермяков.

Кини этэринэн, байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаах киһи пууҥҥа элбэх кэлэр. “Байыаннай сулууспалаах буолуон баҕалаахтар этэллэринэн, Сэбилэниилээх Күүстэр кэккэлэригэр киирэргэ патриотизм, Ийэ дойдуга таптал көҕүлүүр”, — диэтэ кини.

Судаарыстыба байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр. Хантараак түһэрсибиттэргэ араас өйөбүллэр бааллар, ол иһигэр сулууспалаахха олорор дьиэ, чэпчэтиилээх ипэтиэкэ, үрдүк үөрэххэ оҕолорун үөрэттэрэллэригэр бүддьүөт миэстэтэ, биир кэлим эбии төлөбүрдэр уонна араас мэктиэлэр.

Тас дойду гражданнара биир сылтан ордук кэмҥэ хантараак баттастахтарына, Арассыыйа гражданствотын судургутук ылыахтара. Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсибит Саха сирин байыаннай сулууспалаахтара сулууспаларын бастакы сылыгар 4 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы аахсыахтарын сөп.

Сиһилии Сүүмэрдиир пуунтан ыйытыҥ: Дьокуускай к., Чепалов уул.,  23 дьиэ. Суукканы эргиччи ыйытар төлөпүөннэр: 8 (4112) 32-10-40 или 8 (924) 166-13-93. Бу саайтынан: службапоконтракту14.рф.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: