Салгыы
Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэннэрэ гааһы киллэриигэ көмөнөн туһаныахтара

Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэннэрэ гааһы киллэриигэ көмөнөн туһаныахтара

Ааптар:
16.10.2022, 18:04
Бөлөххө киир:

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрэ уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ социальнай гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн гаас тэрилин атыылаһарга 150 тыһ. солк. көмө харчыны ылыахтара. Бу быһаарыыны олоххо киллэрэр туһунан Ил Дархан СӨ бырабыыталыстыбатыгар  сорудахтаата. Бу өйөбүл дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуга суох көрүллэр.

«Хомуурга хапсыбыт дьон кэргэннэрин уонна ийэлэрин кытта көрсүһүү кэмигэр кэккэ ыйытыылар киирбиттэрэ, онно этиллибит кыһалҕалар барыта быһаарылла сылдьаллар. Биир ыйытыы гаас киллэриитин туһунан этэ. Бу, кырдьык, олус суолталаах, түргэн быһаарыыны ирдиир боппуруос. Онно тута ити ыал кыһалҕата быһаарыллыбыта. Ол эрэн, эрдэ эппитим курдук, биир ыал кыһалҕата элбэх дьон интэриэһин  таарыйар буолааччы”, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Санатан эттэххэ, бу сыл саҕаланыаҕыттан Ил Дархан быһаарыытынан социальнай гаастааһыҥҥа көмө муҥутуур кээмэйэ 100 тыһ. солкуобайтан 150 тыһ. солк. диэри үрдэтиллибитэ.

Саха сиригэр дьиэлэри гаастааһыҥҥа аадырыстаах көмө 2010 сылтан оҥоһуллар. Билигин аадырыстаах үбүнэн көмөнү ылааччыларынан кыаммат олохтоох гражданнар, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ буолаллар. 2010-2021 сыллар устата аадырыстаах көмөнү 9 тыһыынча кэриҥэ ыал ылбыта, онно 813 мөл. солк. бараммыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: