Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бэс ыйын 28 күнүгэр түүннэри-күнүстэри үлэлиир эрэгийиэннээҕи 122 нүөмэрдээх “итии лииньийэ” салайааччыта Мария Винокурова иһитиннэрбитинэн, оҕо босуобуйаларын ылар дьон араҥалара кэҥээтэ.
— Ол курдук, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уонна быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаах хат кэргэнэ босуобуйаны ылыан сөп. Ону тэҥэ, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уонна быстах хомуурга ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаах оҕотун ийэтэ, эбэтэр эпэкиинэ, эбэтэр, оҕону көрөр-истэр чугас аймаҕа (эбэтэ-эһэтэ) эмиэ ылыахтарын сөп, — диэн Мария Винокурова эттэ.
Босуобуйа оҕо төрүөҕүттэн 3 сааһын туолуор диэри төлөнөр, ол эрээри, аҕата байыаннай сулууспаҕа сылдьарын тухары. Хас да оҕолоох буоллаҕына, хас биирдиилэригэр бэриллэр.
Босуобуйаны ыларга сайабылыанньаны байыаннай сулууспалаах сулууспата бүппүтэ 6 ыйын хойутаппакка бэриллиэхтээх.
Төлөбүр икки көрүҥнээх:
— ыҥырыынан байыаннай сулууспаны бара сылдьар сулууспалаах хат кэргэнигэр биирдэ бэриллэр босуобуйа (олорор сиртэн тутулуктанан, 50 790 солкуобайтан саҕаланар);
— ыҥырыынан байыаннай сулууспаны бара сылдьар сулууспалаах оҕотугар ый аайы бэриллэр босуобуйа (21 767 солкуобайтан саҕаланар).
Сайабылыанньаны “Госуслуги” портал, “Мин докумуоннарым” киин, Социальнай пуонда нөҥүө биэриэххэ сөп.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
2025 сылга Саха сиригэр биэс муоста тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын…
Өлүөхүмэ куорат баһылыга Сергей Щебляков бэйэтэ баҕа өттүнэн астаапкаҕа барда. Бу туһунан "Өлүөхүмэ" оройуоннааҕы хаһыат …
Ыйытыы: РФ Үлэ кодексын 128 ыстатыйатынан көрүллүбүт, хамнаһа суох уоппуска хайдах бэриллэрий? Үлэни биэрээччи үлэһит…
Өр сылларга эргэ хаарбах дьиэҕэ олорбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) интэринээт-оскуола үс сыллааҕыта үс этээстээх таас саҥа…
Саха сиригэр 2025 сыл 8 ыйын устата кэҥэтиллибит неонатальнай чинчийии көмөтүнэн, түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх…
СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар 33 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тиэргэҥҥэ турар «КАМАЗ-5410» массыынаттан…