Байыаннай сулууспалаах мэдиссиинискэй хамыыһыйаны дойдутугар ааһыан сөп

Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйаны байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа сылдьар сиригэр быһаччы барыан сөп. Бу туһунан бүгүн нэдиэлэ аайы ыытыллар брифиҥҥэ КСВО эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы Саргылаана Неустроева иһитиннэрдэ.
«Бу эчэйбит эбэтэр, ыалдьан, уоппускаҕа сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга сыһыаннаах. Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйа иннинээҕи бэрэбиэркэни гражданскай судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай мэдиссиинискэй тэрилтэлэр ыыталлар. Хамыыһыйаны военкомакка бараллар», — диэн быһаарда.
Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйа ыарыһах уоппускатын уһатыан, эбэтэр, 15 хонукка диэри үлэттэн босхолуон сөп, ол гынан баран, уопсайа 30 хонуктан элбэҕэ суох. Хамыыһыйа сулууспалаах категориятын эмиэ быһаарар. Социальнай суолталаах ыарыыга, эбэтэр, мөккүөрдээх түгэннэргэ матырыйааллары Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин байыаннай-мэдиссиинискэй эспэртиисэ Кылаабынай киинигэр ыыталлар.
Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйа ыытыллар эрэгийиэннэрин испииһэгэ дойду 25 эрэгийиэнин хабар, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин эмиэ диэн Саргылаана Неустроева чуолкайдаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: