Быйыл Сунтаар улууһун Кэмпэндээйитигэр баар «Сир уустара» чэбдигирдэр-үөрэтэр кииҥҥэ байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар сулууспалаахтар оҕолоро (80 оҕо) босхо сылдьан сынньаныахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев быһачча сорудаҕынан быстах хомуурга ыҥырыллыбыттар уонна байыаннай дьайыыга сылдьааччылар оҕолорун сынньалаҥнарын «Ыччат» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киинэ тэрийиэҕэ. «Сир уустара» кииҥҥэ былырыын сэтинньиттэн байыаннайдар оҕолоро сылдьан дьарыктанан саҕалаабыттара. Былырыын сэтинньигэ байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт дьон 7 оҕото сылдьан сынньаммыта. Босхо путевканы ылыыга төрөппүт сайабылыанньа биэриэхтээх. Сайабылыанньаны элбэх хайысхалаах кииҥҥэ эбэтэр e-yakutia.ru. судаарыстыбаннай өҥө порталынан бэриллэр. «Сир уустара» киин Кэмпэндээйигэ баар бадараанынан эмтиир санаторий баазатыгар тэриллибит. Оҕолор манна доруобуйаларын туругун бөҕөргөтүнүөхтэрэ, араас хабааннаах эмтэниини ааһыахтара. Күҥҥэ биэстэ аһыахтара. Ону тэҥэ, ыллыырга, уһанарга үөрэниэхтэрэ, спортивнай араас хабааннаах эрчиллиилэргэ сылдьан дьарыктаныахтара.
Санатар буоллахха, былырыын 413 оҕо Сунтаарга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Горнайга уонна Дьокуускай куоракка баар лааҕырдарга, кииннэргэ сынньаммыттара. Быйыл маннык хабааннаах тэрээһиҥҥэ 520 оҕо кыттара былааннаныллыбыт.
Саҥа дьыллааҕы түүн биэс уол уонна үс кыыс күн сирин көрдүлэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил…
Тохсунньу 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ саамай кырдьаҕас олохтооҕун Татьяна Сафонованы 105 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээтилэр. Киниэхэ дойду…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ Саха сириттэн сылдьар байыаннай дьайыв байыастапа өрөспүүбүлүкэттэн Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар.…
Уһун кыһыҥҥы өрөбүллэр – үчүгэйдик сынньанар эрэ буолбакка, саҥаҕа холонон көрөргө, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ уонна…
Сунтаар сэлиэнньэтигэр биэс киһи өлбүтүнэн «икки уонна онтон элбэх киһини сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии» диэн…
Арассыыйаҕа бигэргэтиллибит халандаарынан, 2026 сылга биһигини 28 бырааһынньык уонна өрөбүл күннэрэ күүтэллэр. Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэр…