Саха сиригэр быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт дьон, байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэри кытары бииргэ олорор дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ хомунаалынай өҥөҕө, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлөбүргэ пеня ааҕылларыттан босхолоноллор. Бу туһунан ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.
Пеня төлөнөрүттэн босхолонор байыаннай сулууспалаахтарга бэрэсидьиэн 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи 647 №-дээх ыйааҕынан, СӨ Байыаннай комиссариатынан ыҥырыллыбыттар уонна РФ Сэбилэниилээх күүстэрин байыаннай чаастарын испииһэгэр киирбит дьон киирсэллэр.
Оттон бу ыйаахха хапсар кинилэр дьиэ кэргэттэринэн биир дьиэҕэ олорор, саахсаламмыт кэргэнэ, оҕолоро буолаллар. Ол суох буоллаҕына, төрөппүттэрэ, эпэкииннэрэ, эбэтэр, дьиэҕэ бииргэ олорор эдьиийдэрэ-балыстара, убайдара-бырааттара буолуохтарын сөп. Кинилэр бу чэпчэтиинэн байыаннай сулууспата бүтүөр диэри туһаналлар.
Пеня ааҕылларыттан босхолонор туһуттан, управляющай хампааннььаларга, хомунаалынай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ, Хапытаалынай өрөмүөн пуондатыгар, о.д.а. сайабылыанньа суруйуохха наада.
Саха сирин элбэх спортсменнарын үөрэппит Алексей Агаповка дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев бирикээһинэн мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа…
Дьокуускайга ыам ыйын 17 күнүгэр «Түмэллэргэ түүн» диэн аахсыйа ыытыллар. Быйыл аан бастакытын аахсыйа геология…
«Продолжительная и активная жизнь» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн Саха сиригэр сыл саҕаланыытыттан «Гепатиты…
Социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторо Орто Сурт бөһүөлэк аттыгар трассаҕа маҥан кырсаны бэлиэтии көрбүттэрин видеоҕа…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ уонна психологическай бырагыраамалар…
СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор бөлөх тэриллибитэ. Бөлөх салайааччыта –…