Салгыы
Байыаннай сулууспалаахтарга дьиэни гаастааһыҥҥа көмө оҥоһуллуоҕа

Байыаннай сулууспалаахтарга дьиэни гаастааһыҥҥа көмө оҥоһуллуоҕа

12.04.2023, 15:35
Хаартыска www.sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Эригийиэннээҕи 122 «итии лиинийэ» исписэлиистэрэ кол-кииҥҥэ дьону кытта сибээстэһэ олороллор. Быйылгы сыл саҕаланыаҕыттан  11 тыһыынчаттан тахса киһи бу сибээс өҥөтүнэн туһанна.

Ааспыт нэдиэлэҕэ байыаннай сулууспалаахтар уоппускаларын, хааччыллыыларын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөбүлүгэр сыһыаннаах боппуруос үгүс этэ. Бу туһунан 122 «итии лиинийэ» салайааччыта Мария Винокурова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Кини байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин гаастааһыҥҥа аадырыстаах өйөбүлү оҥоруу боппуруоһа туруоруллубутун бэлиэтээтэ. Ол курдук, бу социальнай араҥаҕа 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх көмө оҥоһуллуоҕа. «Манна олорор дьиэҕэ  гаас турбатын киллэрии, гаас хочуолун, билиитэтин, радиаторы атыылаһыы, пластик уонна ыстаал, ититии систиэмэтин киллэрии ороскуотун толуйуу ааҕыллар», — диэн бэлиэтээтэ Мария Винокурова.

  1. Тустаах докумуоннары сыһыаран туран, олохтоох дьаһалтаҕа сайабылыанньа суруйуохха наада. Сиһилии «итии лиинийэ» 122 «1 доп.» атын эригийиэннэр —  8(4112)510-122). босхо нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
  2.    мобилизацияламмыт дьоҥҥо оҥоһуллар өйөбүл туһунан  info.sakha.gov.ru билсиҥ.
  3. e-yakutia.ru саайтка «Забота» түһүмэҕинэн билсиҥ.
  4. @Yakutia_mobiliZacia_bot телеграм-ботунан туһаныҥ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: