Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро оробуочай идэлэргэ үөрэнэллэр

Share

Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьон 9-11-с кылааска үөрэнэр оҕолорун босхо оробуочай идэлэргэ үөрэтэр. Үөрэх Ил Дархан Айсен Николаев гранын олоххо киллэрии бырагырааматын иитинэн барар.

“Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ баар 19 үөрэтэр кииҥҥэ 26 оҕо босхо оробуочай идэлэргэ үөрэнэ сылдьар. Күн бүгүн 40 оҕо идэҕэ бэлэмнэниини ааста. Өссө сүүсчэкэ оҕо идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээһин туһаайыытын ааһара былааннанар” – диэн СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрэ Владислав Хабаров иһитиннэрэр. Оҕолор суоппартан сыбаарсык идэтигэр тиийэ босхо үөрэнэр кыахтаахтар.

Оҕолорун бырайыакка кыттыннарыан баҕалаах төрөппүттэр Дьокуускай куоракка Идэҕэ урутаан бэлэмниир кииҥҥэ (ЦОПП) бу аадырыска тиийэллэрэ ирдэнэр: Крупская уул. 13-с нүөмэрдээх дьиэтэ, 1 мэндиэмэн. Үөрэххэ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин саайтыгар сурутуохха сөп: https://copp14.ru/. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ханнык отоннор тымыры бөҕөргөтөллөрүй?

“Ежевика  тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах.  Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин «Сардаҥа» түөлбэтэ саҥа бырайыагы олоххо киллэрдэ

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр түөлбэлэр бэрт көхтөөх үлэни ыыталлар. "Сардаҥа" түөлбэ актыыба иһитиннэрбитинэн,  "Бастыҥ уопсастыбаннай…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

2,5 киилэ кыһыл көмүһү илдьэн испит дьону туттулар

Полицейскайдар уопсайа 14 мөл. солк. суумалаах 2,5 киилэ ыйааһыннаах кыһыл көмүһү лицензията суох сууйбут икки …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка бэтэрээннэр спартакиадалара ыытылынна

Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, «Мындыр саас - көхтөөх уһун үйэлэнии» бырайыак чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥалас…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыйыт-хоруйдуубут: Үлэ киниискэтин биэрбэт бырааптаахтар дуо?

Тэрилтэ  дьоно үлэни биэрээччи уонна бэйэтин быраабын ситэри билбэтэ баар буолар. Ол да иһин, тустаах…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күн-дьыл билгэтэ: күһүҥҥү халлаан

Күһүн үгэнэ — балаҕан ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри, барыта 11 күн.…

6 часов ago