Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьон 9-11-с кылааска үөрэнэр оҕолорун босхо оробуочай идэлэргэ үөрэтэр. Үөрэх Ил Дархан Айсен Николаев гранын олоххо киллэрии бырагырааматын иитинэн барар.
“Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ баар 19 үөрэтэр кииҥҥэ 26 оҕо босхо оробуочай идэлэргэ үөрэнэ сылдьар. Күн бүгүн 40 оҕо идэҕэ бэлэмнэниини ааста. Өссө сүүсчэкэ оҕо идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээһин туһаайыытын ааһара былааннанар” – диэн СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин дириэктэрэ Владислав Хабаров иһитиннэрэр. Оҕолор суоппартан сыбаарсык идэтигэр тиийэ босхо үөрэнэр кыахтаахтар.
Оҕолорун бырайыакка кыттыннарыан баҕалаах төрөппүттэр Дьокуускай куоракка Идэҕэ урутаан бэлэмниир кииҥҥэ (ЦОПП) бу аадырыска тиийэллэрэ ирдэнэр: Крупская уул. 13-с нүөмэрдээх дьиэтэ, 1 мэндиэмэн. Үөрэххэ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин саайтыгар сурутуохха сөп: https://copp14.ru/. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уус Алдан улууһугар Найахыга "Саллаат аартыга" ытык миэстэ СӨ Ил Дархан гранын өйөбүлүнэн саҥардылынна. Бу …
Ыам ыйыгар төрөөбүттэр. Бэлиэлэрэ - чаҕылҕан. Эр киһи Дуоспуруннаах, туохха барытыгар дьоҕурдаах, дириҥ өйдөөх, үтүө…
Владивостокка "Это у нас семейное" күөн күрэс уокуруктааҕы полуфинала саҕаланна. Манна Уһук Илин уокуругуттан дьиэ…
Өрүс барар кэмигэр айан-сырыы кутталланар. Дьиҥэ, кыра кыһалҕалаах киһи айаннаабата да ордук буолуоҕа. Ол эрээри…
Успуорка сыһыаннааҕы төһө сэргиигин? Маны билэҕин дуо? Сахалыы оонньуу, дьарык арааһын Үөһээ Дьааҥыга 1867-1876 сс.…
2024 сыл тохсунньу-кулун тутар ыйдарыгар баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта былырыыҥҥы кэми кытта тэҥнээтэххэ 6, 8 %…