Салгыы
Байыас Афанасий Чичигинаров сырдык кэриэһигэр

Байыас Афанасий Чичигинаров сырдык кэриэһигэр

24.11.2022, 16:30
Бөлөххө киир:

Афанасий Чичигинаров бу дьыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр анал байыаннай дьайыыларга хорсун быһыыны көрдөрөн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аны түөрт күнүнэн хантараага бүтэн дойдутугар төннүөхтээҕэ. Ону баара, Дьылҕа хаан атыннык дьаһайбыта…

Биир күн кимэн киирии иннигэр чугас дьонугар, хамандыыра бу кини бүтэһик сэриитэ буоларын, бу кэнниттэн дойдутугар ыытарга эрэннэрбитин эппитэ. Ол эрээри, сэтинньи 6 күнүгэр Афанасий Донецкай уобалас Павловка сэлиэнньэтигэр тэҥэ суох, кырыктаах кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыта. Кини баара-суоҕа 39-с эрэ саастааҕа, өссө да үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар кыахтааҕа…


Афанасий Чичигинаровтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон  1983 с. кулун тутар 23 күнүгэр Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Ис-иһиттэн дьоһуннаах уолчааны бары маанылаан улаатыннарбыттара. Уол кыратыттан сааһыгар холооно суох боччумнаах буолан, ийэтэ мэлдьи Афанасий диэн ыҥырар этэ… Этэ диирбитигэр эрэ тиийэбит…
Бииргэ төрөөбүттэрэ Апонка диэн ааттыыллара. Кини гитаранан доҕуһуоллаан сахалыы, нууччалыы ыллыыра. Кыра эрдэҕиттэн бастаан «Удин», «Ситим», онтон «Гулун» үҥкүү ансаамбылларыгар сылдьан өрөспүүбүлүкэ да, дойду атын да куораттарыгар гастролга сылдьыбыта. Аны Афанасий төрүөҕүттэн лиидэр этэ. 90-с эридьиэстээх сылларга үрдүкү кылаастарга кини эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынара, кыраларга көмөлөһөрө.
Афанасий успуорт бары көрүҥнэригэр дэгиттэр этэ, ордук волейбол онньуунан умсугуйан дьарыктаммыта. Ол курдук кэргэнин кытары волейбол оонньуу сылдьан 14 саастааҕар билсэн, доҕордоһон, таптаһан оскуоланы бүтэрээт ыал буолбуттара. Кинилэр дьиэ туттан, мас олордон, Никита, Кирилл уонна Дима диэн уол оҕолонон дьол уйатын туппуттара.
Афанасий мобилизацияҕа барарыгар убайдарын уоскутан: «Өскөтүн мин бардахпына, эһигини ылыахтара суоҕа. Кыайыахпыт уонна мин эргиллиэм…», – диэхтээбитэ. Убайдара бырааттарын атааралларыгар, оҕо саастарын санаан куустуһан, кыраларын көтөҕөн өрө анньан ылбыттара. Онуоха кыбыстыбыттыы: «Дьон көрөр дии… Кыра оҕоҕо дылы өрө көтөҕөҕүт», – диэбитин, баҕар биһиги онно тугу эрэ сэрэйбиппит буолуо, ол гынан баран хайаан да тыыннаах уонна чөл эргиллэн кэлэригэр эрэммиппит диэн убайдара харааста кэпсииллэр.


Афоня Владивосток куоракка баар 2-с танковай рота своднай күүстээх десантнай-штурмовой батальонун 155-с муора пехотатын биригээдэтигэр түбэспитэ. «Хорсунун иһин» мэтээли Восточнай аармыйа кылаабынай командующайа бэйэтинэн туттарбыта. Биирдэ уот ардаҕынан уһуурбут киирсиигэ Афанасий тааҥкатын снаряд тоҕу тэппит. Кини онно умайа турар тааҥка иһигэр контузияланан олордоҕуна наводчик уол люгу арыйан сулбу тардан ылан, быыһаабыт. Афанасий бу эдэркээн 19-20-лээх нуучча уолчааныгар олус махтанара диэн дьоно кэпсииллэр.
Афоня хантараагын болдьоҕо балаҕан ыйын 28 күнүгэр бүппүтэ эрээри, уолаттарын кытары биир иһиттэн аһаан, биир тыынынан, бигэ ситиминэн баайыллан, ууну, уоту ортотунан бииргэ ааспыт буолан, кыра кэмҥэ хаала түһэргэ сөбүлэспитэ. Дьиҥнээх булчут быһыытынан барыны бары сатыыра – ханнык да усулуобуйаҕа уот отторо, балаһыанньаттан тахсара…
Афанасий бүтэһигин дьонун кытары кэпсэтэригэр: «Сарсын кимэн киириигэ барабыт. Хамандыырым бу кимэн киирии кэнниттэн дьиэҕэр барыаҥ диэтэ…», – диэбитин дьоно үөрэ да, долгуйа да истибиттэрэ.
… Ол кэнниттэн Афанасий кыргыһыы хонуутуттан эргиллибэтэҕэ, сырдык тыына онно быстыбыта…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: