Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх байыас Айтал Андреев атырдьах ыйын саҥата Харьковскай уобалас Волчанскай куоратыгар сырдык тыына быстыбыта. Биһиги хаһыаппытыгар ийэтэ Марина Сергеевна, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Дайаана Григорьевна ахтыыларын бэчээккэ таһаарабыт.
Оҕо сааһа Үөһээ Бүлүүгэ ааспыта
– 29 сыл анараа өттүгэр, атырдьах ыйын 31 күнүгэр 1995 сыллаахха, күүтүүлээх күндү киһим Айталым күн сирин көрбүтэ. “Айылҕаттан талааннаах” диэн икки тыл бастакы олохторун холбоон Айтал диэн ааты биэрбитим. Оннук да курдук, илиитигэр дьоҕурдаах, талааннаах, барыга бары сыстаҕас, үлэһит, асчыт, киһиэхэ олус болҕомтолоох, наһаа аһыныгас, бэрээдэктээх, истигэн буола улааппыта. Эбээтэ Тамара Дмитриевна Яковлева сахалыы лэппиэскэтин, үүттээх чэйин, кыынньа сылдьар быырпаҕын, ыһаарыламмыт соботун, арыылаах алаадьытын мип-минньигэстик сиирэ, ыраах бардаҕына куруук ахтара, – диэн кэпсээнин саҕалыыр байыаннай дьайыыга сылдьан дьоруойдуу охтубут Айтал Андреев ийэтэ Марина Сергеевна Яковлева.
Айтал оҕо сааһа Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр ааспыта. Кыра сааһыттан табаарыһа Женяны кытта элбэхтик балыктыыра, туулуура, кустуура. Бастакы кылааска сылдьан чааххаанынан түөрт бараах кэһиилээх ийэтин куораттан көрсүбүт. “Ол бастакы улахан булда этэ. Түөрт сааһыттан оҕуруо тиһэрэ, бэһис кылааска сылдьан оҕуруонан сардаана сибэккилэри тиһэн эбээтигэр бэлэхтээбитэ. Ол дьарыга үөрэҕэр туһалаабыта, наһаа кырасыабай каллиграфическай буочардааҕа. Уһанарын олус сөбүлүүрэ. Кыра кылааска сылдьан өйөнөрдөөх икки олоппоһу рейкэнэн оҥорбута. Онтукайыгар Цезарь диэн ааттаах ытын уруһуйдаабыта, киһи хараҕар хатанар оҥоһук этэ. Н.И.Бойлохов аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуй кылааһын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ”, – диэн ийэтэ салгыы кэпсиир.
Бары өттүнэн дэгиттэр талааннааҕа
Айтал тохсус кылаас кэнниттэн талаанын салгыы арыйаары, куоракка художественнай училищеҕа муоһунан оҥоруу (косторезнай) салаатыгар аҕыйах кэмҥэ үөрэммитэ. Сэлии муоһунан оҥоһуктарын дьон хайгыыра. Уон биирис кылааһы бүтэрэригэр учууталларыгар сэлии муоһуттан сувенир оҥорон бэлэхтээбитэ. “Оҕобун өйөөн, уһуйаантан саҕалаан оскуоланы бүтэриэр диэри туох баар тэрээһиннэригэр барытыгар бэйэм сүүрэрим. Саҥа дьыллааҕы утренниктары ыытыһарым, кэнсиэртэри тэрийэрим, оскуоланы бүтэрэр банкетын, походун ыыппытым. Кылааһын оҕолорун кытта бэлисипиэтинэн балыктыы барарбыт, айылҕаҕа сынньанарбыт. Контрстрайк оонньууну оскуолатыгар, улууска ыытарыгар көмөлөһөн оҕобор күүс-көмө буоларым”, – диэн Марина Сергеевна ахтар.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар араас таһымнаах научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэргэ, уруһуй күрэхтэригэр кыттара, элбэхтик миэстэлэһэрэ. Ол курдук элбэхтэн аҕыйах холобуру эттэххэ, туруйа туһунан дакылаатынан үһүс кылааска улууска бастакы, бэһис кылааска бэйиэт П.Н.Тобуруокап үбүлүөйүгэр уруһуйа өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэни ылбыта. Дьиэ кэргэн киэн туттар киһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии, үлэ бэтэрээнэ, хос эһээтэ Яковлев Дмитрий Петрович (Дайбыыр) туһунан дакылаатынан улууска иккис миэстэ буолбута, ол дакылаата оскуола кинигэтигэр киирбитэ. Ити ахсыс кылааска этэ. Онтон тохсус кылааска “Гунны” диэн хаһыата тюркология улуустааҕы кэмпириэнсийэтигэр бастакы миэстэ буолбута.
Балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыта
Черчение олимпиадатыгар ситиһиилэрдээҕэ, онтуката аармыйаҕа туһалаабыта. “Оператор-планшетист” буолан тыһыынча миэтэрэ үрдүккэ көтөр сөмөлүөттэри радарынан көрөн суоттуу охсорун кэпсээн оҥостон кэпсиирэ. Хамандыыра «ты прошел службу на пять с плюсом» диэбит этэ. Аармыйаттан кэлэн баран юридическай орто үөрэҕи бүтэрбитэ, араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Дьокуускай куораты сөбүлээн манна олохсуйбута. Мобилизацияланыан иннинэ “Технопарк “Якутия” тэрилтэҕэ АХЧ этэ. Үлэтин өрө тутара, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара, ийэтигэр үлэтин туһунан элбэхтик кэпсиирэ, “Айтал Григорьевич” диэн ыҥыралларын дьиктиргиирэ, аатыгар уһуннук үөрэммитэ, байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбатаҕа буоллар, онно салгыы үлэлиэхтээҕэ.
2022 сыллаахха балаҕан ыйын 30 күнүгэр мобилизацияланан Приморскай кыраайга Уссурийскай куоракка учёбкатын ааспыта. Украинаҕа Запорожскай уобаласка Энергодар атомнай ыстаансыйа харабылыгар сылдьыбыта. Херсонскай уобалас Крынки диэн сиригэр иккитэ бааһырбыта, Харьковскай уобалас Волчанскай диэн куоратыгар атырдьах ыйын 3 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.
– Айталы Маҕан кылабыыһатыгар, байыаннай дьайыыга суох буолбут саллааттарга анаммыт сиргэ, кистээбиппит. Оҕобун дойдутугар аҕаларга элбэх киһи сүүрдэ-көттө, көмөлөстө. Оҕом суох буолбутун истээт, олох мунан олордохпуна, өрөспүүбүлүкэтээҕи Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева сибээстэһэн, хайдах-туох буоларбын барытын сүбэлии олорбута. Кини быһаччы ыйыытынан, салайыытынан Москваҕа, Ростовка баар волонтёрдар олох күүскэ үлэлээннэр, оҕобун түргэнник булбуттара, кинилэргэ махталым муҥура суох. Оҕобун кытта быраһаайдаһыыга кутурҕаннарын биллэрбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар, Оборуона министиэристибэтигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕар, кэриэстэбил тыл эппит Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриотическай иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Григорьевич Подголовка, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын куораты тутуу уонна тырааныспар салаатын салайааччытыгар Иван Михайлович Гуляевка, Технопарк “Якутия” тэрилтэ дириэктэрэ Максим Вячеславович Кимҥэ, быраһаайдаһыы сиэрин-туомун ыыппыт байыаннай комиссариат бэрэстэбиитэлигэр, “Ритуал”, «Атриум» тэрилтэ үлэһиттэригэр дириҥник махтанабын. Айталбын тиһэх суолугар атаарарбар, ийэ буоругар кистиирбэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут, ыар сүтүкпүн тэҥҥэ үллэстибит Мэйигим дьонугар-сэргэтигэр, оскуолаҕа, Бүлүүгэ, саха салаатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторбор, Саха сирин араас муннуктарыгар олорор, үлэлиир кэллиэгэлэрбэр саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларыгар, Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с оскуола кэлэктиибигэр, И.Н.Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1-кы оскуола учууталларыгар, алын сүһүөх кылааска түөрт сыл үөрэппит оҕом маҥнайгы учууталыгар Мария Тимофеевна Александроваҕа, кини кэргэнигэр, оҕом дириэктэригэр Аскалон Михайлович Александровка, 5–11 кылаастарга кылаас салайааччытынан сылдьыбыт оҕом иккис учууталыгар Антонина Гаврильевна Хобусароваҕа, кини кэргэнигэр Герасим Романович Хобусаровка, төрөппүт Елена Юрьевнаҕа, И.Н.Барахов аатынан оскуолаҕа оҕобун кытта бииргэ үөрэммит, бииргэ улааппыт доҕотторугар, табаарыстарыгар, 2013 сыл выпускниктарыгар, “Тирэх” түмсүү уолаттарыгар, Бүлүү, Дьокуускай куорат байаҥкамаатын үлэһиттэригэр, 83-с биригээдэҕэ бииргэ сулууспалаабыт оҕом бойобуой доҕотторугар, кинилэр кэргэттэригэр, Технопарк “Якутия” тэрилтэ кэлэктиибигэр, бары аймахтарбытыгар дириҥник махтанабын, – диэн Айталы тиһэх суолугар атаарыыга күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махталларын ийэтэ Марина Сергеевна, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Дайаана Григорьевна тириэрдэллэр.
Хорсун убайдарын ситэ олорботох олоҕун, ыра санаатын бырааттара, балыстара салгыахтара, аатын ааттата туруохтара.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…