Байыас, бэйиэт Василий Рожин кинигэлэрэ сүрэхтэниэхтэрэ

Share

Байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран сырдык тыынын толук уурбут боотур, «Эр санаа» уордьан, «Хорсунун иһин» мэтээл кавалердара,  Н.Д. Неустроев аатынан эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата,  Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ,  Дьааҥыттан төрүттээх талааннаах бэйиэт Василий Рожин  «Уот сүрэх» уонна  «Оставляя белый след» диэн хоһооннорун хомуурунньуктарын сүрэхтэниитэ буолуоҕа.

Хаартыска: Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-сулууспата

Саха сирин суруйааччыларын сойууһа бэйиэт суох буолбутун да кэннэ, кинигэлэрин хомуйан, таҥан, бэчээттэтэн таһаарда. Василий сахалыы да, нууччалыы да хоһоон суруйар этэ, онон кинигэлэрэ икки тылынан тахсыбыттара кэрэхсэбиллээх, бэйэтин ааҕааччытыгар тиийиэхтээх.

Эдэр бэйиэт олох, таптал, дьон сыһыанын туһунан бөлүһүөктүү уонна лирикэлии хоһоонноругар эр киһи хоодуот санаата уонна бэйиэт нарын айылгыта алтыһаллар.

«Тыл илбиһэ мээнэ бэриллибэт. Кини киһини эрийэр-мускуйар, араас суолларынан туора-маара хаамтарар, муннарар, тургутар. Ол тургутууну тулуйбакка, аһыы аска охтубуттары, биитэр букатын да суруйартан тэйбиттэри билэтэлиибин. Онон Василий тэһийбэтэх кутун-сүрүн бүтэйдии сэрэйэн, испэр ийэлии сэрэхэчийэ санаабытым… Онтум олох атын арҕааҥҥы тыаллар кинини сөрөөн илдьэ бардылар.
Василий поэт буолар аналын ылыммыт, аналын өйдөөбүт киһи эбит. Ону ол семинарга мэктиэлэммит уонна суох буолбутун кэннэ саҥа күн сирин көрөн эрэр бу кинигэтэ туоһулуур. Баара-суоҕа отут икки эрэ саастаах киһи толкуйдуур санаата, анаарар ыыра киэҥин, уратытын! Кини сүрэҕин нөҥүө аһарбыт түгэннэрин кытта тэҥҥэ саха литературатын историятын ситимэ, норуотун туһунан санаалара, омугун үрдэтэр билиниилэрэ манна бааллар...» диэн саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева «Уот сүрэх» кинигэ Аан тылыгар суруйбута.
Бэйиэт өлбүтүн да кэннэ, кэннигэр хаалаллар уот сүрэҕин төлөнө, итии илбистээх тыллара, оҕолорун тэҥэ хоһооннор …

«Уот сүрэх үрүҥ суола» сүрэхтэнии тохсунньу 23 күнүгэр күнүс 3 чааска Н.Д. Неустроев аатынан Smart-бибилэтиэкэҕэ буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

60 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago