Салгыы
Байыас дьонугар дьиэ тутан көмөлөстүлэр

Байыас дьонугар дьиэ тутан көмөлөстүлэр

20.02.2023, 14:44
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр бырабыыталыстыба отчуотугар элбэх ыйытыы, этии киирдэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Ол курдук, олохтоохтор уот мөлтөҕүн, оскуола-саад, күргэ тутуллуохтааҕын, гаас хаһан кэлэрин, Умсаннаах түөлбэтигэр олорор ыалларга гааһы холбооһун, өртөөһүн, о.д.а. туһунан ыйыттылар. Оскуола дириэктэрэ Гаврил Захаров оҕоҕо босхо ас суумата үрдүүрүн туруоруста уонна педагогтар хамнастара хаһан үрдүүрүн ыйыталаста.
Түмүккэ, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин бу курдук эттэ:
— Эмис нэһилиэгэ улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр »образцовай» нэһилиэк буолар. Дойдубутугар уустук кэмҥэ, быстах хомуур кэмигэр, түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ыалларга үлэҕэ, олоххо-дьаһахха көмөлөһөн, балыктан, булт, идэһэ этиттэн бэрсэн, араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Холобур, Чемезовтарга дьиэ тутан көмөлөстүлэр. Байыастарга көмөлөһөр сыаллаах улуус пуондатыгар эмиэ көхтөөхтүк кытталлар. Эмистэн 4 волонтер, ол иһигэр нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин, Донецкай Өрөспүүбүлүкэтигэр баран, үлэлээн кэллилэр, Ил Дархан махталын ыллылар. Онон биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобуру көрдөрөллөр.
Эмис нэһилиэгин олохтоохторо бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 марта
  • -16°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 51% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: