Саха сиригэр 391 киһи байыас эмтэнэр сиригэр барарыгар материальнай көмөнөн туһаммыт.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрэр.
—Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай сулууспалаахтарга аадырыстаах көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар — бу байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр. 391 киһи материальнай көмөнү ылан байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарга туһанна, — диэн этэр Георгий Степанов.
Кини иһитиннэрбитинэн, байыаннай дьайыы 925 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ (1738 киһи) доруобуйаларын чэбдигирдибиттэр. 345 киһи социальнай өҥөнөн туһаммыт. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр 638 киһи тиийбититтэн, 217 киһи байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, 400-тэн тахса кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. Мантан 154 киһи үөрэххэ ыытыллыбыт, 388 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Орто Халыма улууһугар баһаарынай-быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ баһаартан биэс массыынаны быыһаатылар. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи…
Бүгүн, тохсунньу 4 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа уонна илин өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Мантан атын оройуоннарга сөҥүү…
Тоһуттар тымныылаах Саха сиригэр олорор дьон быһыытынан, төһө кыалларынан халыҥ, табыгастаах таҥаһы кэтэргэ дьулуһабыт. Олох…
Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын,…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин олохтооҕо Дабыыт Иванов 2011 сыллаахтан атах таҥаһын улларыынан дьарыктанар. [gallery ids="179711,179712,179713,179714,179715,179716"]…
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйаҕа успуорт үтүөлээх маастарын Василий Егоровы кытта көрүстэ. Василий Егоров спортивнай…