Салгыы
Байыас хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтээтилэр

Байыас хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтээтилэр

12.05.2023, 17:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 11 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Анатолий Храмов “Дорогой к жизни” кинигэтин сүрэхтээһин буолла. Кини байыаннай дьайыыга сылдьан суруйбут 80-ча хоһооно бу кинигэҕэ киирбиттэр диэн СИА иһитиннэрэр.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Старшай лейтенант, Норуоттар икки ардыларынааҕы миинэни утары үлэлиир киин информационнай хааччыйыы отделын инженерэ Анатолий Храмов Эдьигээнтэн төрүттээх, «За отвагу», «За боевые отличия», «За воинскую доблесть», Суворов мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Кини аата Москваҕа хорсун байыастары билиһиннэрэр стендэҕэ суруллубута.

— Хоһооннору оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн суруйабын. Эдэр сылдьан дьээбэлэнэ таарыйа суруйар буоллахпына,  бааһыран госпиталга сытан, элбэҕи толкуйдаабытым, ырыппытым. Онно бириэмэ баар буолан, элбэх хоһоону суруйбутум. Сорох хоһооннор окуопаҕа сыттахпына, көтөн түспүттэрэ. Чугас дьоҥҥун ахтыы, эр дьон кытаанах доҕордоһуулара, олох умсулҕана, эйэлээх халлаан күндүтэ – барыта мин хоһооннорбор көстөр. Ыччат дьон бу туһунан толкуйдуулларыгар, Ийэ дойдуну көмүскээһин, байыаннай эпэрээссийэ туһунан билэллэригэр баҕарабын, — диэн Анатолий Храмов сыанаттан кэпсээтэ.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Кини билигин бааһыран баран, дойдутугар кэлэн, уоппускаҕа сынньана сылдьар. Байыас бэлиэтээбитинэн, кини хоһооннорун хомуурунньугун өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата, чуолаан култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов көҕүлээн, таһаарбыттар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Хомуурунньугу сүрэхтээһиҥҥэ артыыстар кытыннылар, ону тэҥэ, “Герои и подвиги” диэн быыстапка үлэлээтэ, бойобуой “беспилотниктары”, байыаннай сааны-саадаҕы көрдөрдүлэр.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: