Байыас «Лукас»: «Турнир үрдүк тэрээһиннээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын»

Share

Быйыл күһүҥҥү Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга иккис турнирга 150-ча ытааччы кыттыа. Ыраахтан-чугастан кэлбит кыттааччылар уонна ыалдьыттар турнир үрдүк таһымнанан иһэрин бэлиэтииллэр.

Бүгүн кыттааччылар ортолоругар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар бэйэбит уолаттарбыт эмиэ бааллар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга турнирга кытта кэлбит  «Лукас» диэн позывнойдаах байыас санаатын үллэстэр:

— Мин бу күрэхтэһиигэ бастакыбын кэллим, корректировщик быһыытынан кыттабын. Оттон миигин кытары пааралаһан ытааччым «Шеф» диэн позывнойдаах, кини иккис төгүлүн кыттар. Биһиги морской пехота 155-с биригээдэтиттэн сылдьабыт, байыаннайдарбыт, бу күрэхтэһиигэ анаан кытта кэллибит. Турнир үрдүк тэрээһиннээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бүгүн халлааммыт туруга наһаа үчүгэйэ суох, ол эрээри инники кирбиигэ эмиэ маннык усулуобуйалаахпыт, улахан уратыта суох. Маннык буолуохтаах даҕаны, кыттааччылар майгыларын, эттэрин-хааннарын эрчийэллэригэр, буһалларыгар-хаталларыгар саамай сөптөөх.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago