Байыас суоппарынан үлэлиир
Байыас эмтэнэн доруобуйатын чэбдигирдинэн баран, суоппарынан үлэлии сылдьар.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиалыгар бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Андрей В. кэлбит. Кини «Барс» 18 добровольческай батальон састаабыгар киирсэн ыстаарсай радиотелеграфист-гранатометчик быһыытынан сулууспалаабыт.
Андрей аан бастаан бу пуонда филиалыгар чөлгө түһүү боппуруоһунан сылдьыбыт. Ол түмүгэр, пуонда филиалын көмөтүнэн мэдиссиинэ чинчийиитин барбыт, Москваҕа санаторнай-курортнай эмтэниигэ уонна чөлгө түһүүгэ ыытыллыбыт.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда уонна Дьокуускайга дьарыктаах буолуу киинэ Андрей уонна кини уола үөрэнэллэригэр көмөлөспүттэр. 2023 сыл балаҕан ыйыгар бэтэрээн үлэни көрдүүргэ көмөлөһөр «Офис моя работа» кииҥҥэ регистрацияламмыт. Итиэннэ биир ыйынан суоппарынан үлэҕэ ылыллыбыт.
-Мин дойдубар бэриниилээхпин уонна ИДьМ биэнсийэлээҕэ буоларбынан, быһаарыы ылынан барбытым. 2022 сыл бэс ыйыттан байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар тохтоло суох сибээһи хааччыйбытым, контузияламмытым уонна бааһырбытым. Пуонда филиала миэхэ доруобуйабын чөлүгэр түһэрэрбэр уонна үлэ буларбар көмөлөстө. Мин сулууспаларын салгыы сылдьааччылар тустарыгар долгуйабын. Байыастар күннээҕи олохторугар барыта этэҥҥэ буолан, эргиллэллэригэр баҕарабын. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар чахчы өйөбүл, көмө оҥоһуллар, — диэн этэр Андрей.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэ ырыынагар үлэнэн хааччыллалларын туһугар хас биирдии эрэгийиэҥҥэ бары кыһамньыны ууралларыгар тоһоҕолоон этэн турар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3385934 манна көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: