Салгыы
Байыас уордьанын дьиэ кэргэнигэр туттардылар

Байыас уордьанын дьиэ кэргэнигэр туттардылар

Ааптар:
14.11.2024, 14:00
https://t.me/ValeriNikolaev
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Алексей   Александров хорсун быһыытын иһин РФ Бэрэсидьиэнэ  В.В. Путин ыйааҕынан  «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу күннэргэ үрдүк наҕарааданы  Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев байыас дьиэ кэргэнигэр туттарда.

-Алексей Александрович 2022 сыл балаҕан ыйыгар байыаннай дьайыыга хантараагынан сулууспалыы  барбыта. 2023 сыл тохсунньу ыйыгар геройдуу Аҕа дойду туһугар сырдык тыына быстыбыта. Алексей ийэтигэр Домна Алексевнаҕа, аҕатыгар Александр Николаевичка ис сүрэхтэн туохха да тэҥнэммэт сүтүккүтүгэр кутурҕаммын тиэрдэбин. Эһиги хорсун уолу, эр киһи килбиэннээҕин төрөппүт, ииппит үтүө быһыыгытыгар сүгүрүйэн туран махтанабыт. Алексей кэргэнигэр, оҕолоругар төһө да ыар сүтүктэммиккит иһин Аҕаҕыт курдук хорсун санаалаах, сырдыкка талаһар, Аҕаҕыт аатын ааттатар дьон буола улаатыҥ диэн баҕа санаабытын этэбит.  Байыаннай дьайыы сириттэн тыыннаахтыы эргиллибэтэх биир дойдулаах уолаттарбыт сырдык ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтата, олохтоох муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталара туох баар бары кыахпытынан байыаннай дьайыы байыастарын дьиэ кэргэннэригэр олох-дьаһах боппуруоһугар көмөнү ыытарга аһаҕаспыт. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!, — диэн баһылык телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: