Байыастан харчы уорбут волонтер-дьахтар дьыалатын хаттаан көрдүлэр

Share

СӨ Үрдүкү суутун суут кэллиэгийэтэ киин куорат суутун бириигэбэринэн буруйдаах волонтер-дьахтар сайабылыанньатынан холуобунай дьыала матырыйаалларын хаттаан көрдө.

2022 сыл ахсынньы 3 күнүгэр буруйдаах дьахтар Крымҥа байыаннай полигон территориятыгар сылдьан, биир байыастан баан каартатын, пин-кодун, докумуоннарын эдьиийигэр илдьэн биэриэм диэн сылтахтанан ылбыт. Ол сылдьан дьахтар инникитин үбү-харчыны уорарга санаммыт. Дьахтар харчыны сокуоннайа суох 2023 сыл кулун тутар 10 күнүгэр диэри туһаммыт уонна уопсайа 815 715 солк. сууманы ороскуоттаабыт.

Суут кэмигэр дьахтар буруйун толору билиммит, силиэстийэ кэмигэр хоромньуну сууматын төнүннэрбит. Дьокуускай куорат суутун бириигэбэринэн буруйдаах дьахтары 3 сылга көҥүлүн быһарга уураахтаабыт. Дьахтар бириигэбэри кытта сөбүлэспэккэ, үрдүкү инстанцияҕа үҥсүү түһэрбит.
СӨ Үрдүкү суута бириигэбэри уларытта уонна дьахтары 2 сыл 6 ый болдьоххо көҥүлүн быста.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирдэ, диэн СӨ Үрдүкү суутун пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
29
+1
1
+1
0
+1
0
+1
18
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

7 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспаҕа сааскы ыҥырыы туһунан

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Манчаары оонньууларын» түмүктүүр чааһын путевкалара бэс ыйын 15 күнүгэр диэри оонньонуохтара

Күн бүгүн "Манчаары оонньууларын" финальнай чааһыгар 774 путевка оонньонно. Остуол оонньууларыгар, хотугу многоборьеҕа, национальнай многоборьеҕа,…

8 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сибээскэ “Кыайыы куолаһа”!

Бүгүн “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн Арассыыйа хайа баҕарар олохтооҕо номоххо киирбит, аҥардас куолаһыттан этиҥ сааһа…

8 часов ago