Байыастан сибэкки дьөрбөтө
Нам улууһугар Аппааныга Саҥа сылы көрсөр түбүккэ-садьыкка сырыттахпытына, Лидия Афанасьевна төлөпүөнэ тырылыы түстэ.
«Лидия Афанасьевна, Саҥа дьылынан үөрэнээччиҥ, байыас Анатолий эҕэрдэлиир, сир үрдүгэр баар үөрүүнү, дьолу, эйэлээх ыраас халлааны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарар уонна сибэкки дьөрбөтүн тиэрдэргэ көрдөстө» диэн ис-иһиттэн улаханнык долгуйбут саҥа иһилиннэ.
Бу оскуолаҕа нуучча тылын, литературатын учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕирии туйгуна, РФ үөрэҕирии эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ Лидия Афанасьевна Маркова үөрэнээччититтэн, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастан Саҥа 2025 сылынан сибэкки дьөрбөтүн тутта. «Толям барахсан соһуччу үөрүүнү оҥордо. Этэҥҥэ сырыт. Кыайыы көтөллөөх эргиллээр», — диэн кини сибэккитин дьөрбөтүн кууһан туран, ис сүрэҕиттэн баҕа санаатын тиэртэ.
Биһиэхэ, Аппааны олохтоохторо, итинник долгутуулаах, долгуйууттан уйадыйыылаах Саҥа дьылбытын көрүстүбүт. Кылгастык да буоллар сырдаттахха, байыаннай дьайыыга сылдьар биһиги оскуолабытын бүтэрбит уол кылааһын салайааччытыгар Лидия Афанасьевнаҕа куруук суруйар. Ытыктыыр учуутала эппит этиитин, сүбэтин-аматын кини чугастык ылынар, махтанар. Манна даҕатан эттэхпинэ, мин үөрэппит икки уолум эмиэ байыаннай дьайыыга сылдьаллар. Иккиэн кэргэннээхтэр, оҕолордоохтор. Биир үөрэнээччим госпиталга сыттаҕына, куруук кэпсэтээччибит. Бу Саҥа дьылга ис сүрэҕиттэн истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэн миигин улаханнык долгуппута, уйадыйан да ылбытым. Оҕолорбут барахсаттар паартаҕа үөрэнэ олороллоро, чоҕулуччу көрбүт харахтара бу баардыы көстөн кэлэллэр. Биһиги кинилэри ахтабыт, дьиэлэригэр, дойдуларыгар этэҥҥэ кэлэллэригэр баҕарабыт. Учууталлар байыаннай дьайыыга сылдьар үөрэнээччилэрбитин кытары истиҥник кэпсэтэрбит кинилэргэ олус наада. Үөрэнээччилэрбит, Ийэ дойдуларын, төрөөбүт дойдуларын туһугар бэриниилээх байыастарбыт, дурдаларбыт-хаххаларбыт, биһиги эрэнэр ыччаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэргитигэр баҕарабыт.
Нина Саввина,
Аппааны, Нам.
Хаартыска: Л.Маркова тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: