Саха сиригэр оҕо лааҕырдарыгар 3500 кэриҥэ оҕо босхо сынньанар. Бу туһунан «Сосновый бор» оҕолору сынньатар уонна чэбдигирдэр киин дириэктэрэ Яна Иванова иһитиннэрдэ.
«Босхо путевкалар сылы эргиччи үлэлиир чэбдигирдэр «Сосновый бор» оҕо лааҕырдарыгар, «Чэбдик» санаторийга, «Энергетик», «Доҕордоһуу» уонна Краснодарскай кыраай оҕо лааҕырдарыгар көрүллэллэр. Судаарыстыбаннай лааҕырдарга Саха сиригэр сайыҥҥы сынньалаҥынан — 705, муниципальнай лааҕырдарга — 1807, оттон өрөспүүбүлүкэ таһыгар Краснодар кыраайга — 960 оҕо хабылынна», — диэн Яна Иванова кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» Ыйааҕынан 2023 с. сэтинньи 1 күнүттэн үөрэх эйгэтигэр 11 хайысхалаах социальнай өйөбүл оҥоһуллар.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр быйыл сайыҥҥы сынньалаҥынан 555 лааҕырынан 54 тыһ. тахса оҕо хабылынна.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…