Байыастар чугас дьоннорун кытта куйаар ситимин нөҥүө көрүстүлэр (ВИДЕО)
Бүгүн «Сахамедиа» холдинг пресс-киинигэр быстах байыаннай дьайыыга сылдьар байыастары кытта кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро, чугас аймахтара куйаар ситиминэн быһа «телемост» ньыматынан кэпсэттилэр.
Уолаттар аймахтарын кытта быһа сибээһинэн ирэ-хоро сэһэргэстилэр, дьиэлэригэр дьоннорун сурастылар. Чугас дьонноро: ким аҕата, ким быраата, ким убайа кустуу барбыттарын туһунан кэпсээтилэр. Ийэлэр барахсаттар оҕолорун «сылаастык таҥна, үчүгэйдик аһыы сырыт» диэн этэллэр. Икки өттүттэн наһаа сылаас, истиҥ кэпсэтиини «Сахамедиа» холдинг байыаннай кэрэспэдьиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Федор Григорьев көҕүлээн тэрийдэ. Кини бу тэрээһин хаһан туох толкуйтан тэриллибитин туһунан «Саха сирэ» саайтыгар маннык кэпсээтэ:
— Бу идиэйэ биһиги, «Сахамедиа» холдинг байыаннай кэрэспэдьиэннэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттары кытта көрсөр кэммитигэр үөскээбитэ. Биһиги онно сылдьан байыаннай чаас салалтатын кытта кэпсэппиппит. Онно биир эписиэр Тува Өрөспүүбүлүкэтин саллааттара чугас дьоннорун кытта кэпсэппиттэрин холобурдаабыта. Оччолорго кинилэр ноутбук эрэ нөҥүө кэпсэппиттэр эбит. Мин ити сонуну истээт, тута болҕомтоҕо ылбытым уонна «биһиги ноутбугунан буолбакка, сүүнэ улахан саалаттан элбэх киһини мунньан кэпсэтии тэрийиэхпитин сөп» диэн этии киллэрбитим. Эписиэрдэр сөбүлэспиттэрэ. Бастаан утаа Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр бу тэрээһини тэрийээри гыммыппыт да, кыаллыбата5а. Уолаттар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьон буолалларын быһыытынан, араас докумуону толоруу үгүс этэ. Онон Улуу Кыайыы күнүн көрсө — сибэтиэй бырааһынньыкка хайаан да уолаттарбытын чугас дьоннорун кытта быһа сибээһи олохтуурга санаммыппыт. Саллааттар испииһэктэрин байыаннай эписиэр биэрбитин кэнниттэн, кинилэр чугас дьоннорун көрдөөбүппүт. Онон бу хомулла охсон, Улуу Кыайыы күнүн көрсө бэртээхэй тэрээһини тэрийдибит.
Бу тэрээһин — «Якутия» хаһыат уонна «Сахамедиа» холдинг пресс-киинин холбоһуктаах бастакы бырайыакпыт. Маннык тэрээһиннэри салгыахпыт. Аны куйаар ситиминэн национальнай бырааһынньыкпыт — ыһыах саҕана, буойуннары чугас дьоннорун кытта көрсүһүннэриэхпит.
Тэрээһини пресс-киин салайааччыта Алена Сергеева салайан ыытта. Кини байыастары уонна кинилэр чугас дьоннорун кытта бэрт сэргэх кэпсэтиини саҕалаата:
Уолаттары кытта кэпсэтиини Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Дария Н. уолун Русланы кытта көрсүһүүттэн саҕалаата.
Кинини кытта дьүөгэтэ уонна Р. доҕоро кэлбиттэр.
Дария Ст. кэпсэтии кэнниттэн санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Байыас Кирилл Р. ийэтин Лариса Николаевнаны, быраатын, кэргэнин Маринаны уонна оҕотун Сэмэнчиги кытта куйаар нөҥүө көрүстэ:
Байыас быраатын кытта бэрт иһирэхтик кэпсэттэ, оҕотун, дьонун көрөн олус үөрдэ.
Салгыы байыас Айсен Н. эбэтин, эдьиийин кыыһын уонна таптыыр кыыһын кытта куйаар нөҥүө кэпсэттэ:
Алена Д. бииргэ төрөөбүт быраатын Анатолий С. кытта көрсөн баран, бу тэрээһин туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Байыастары кытта көрсүһүүгэ СӨ Уопсастыбаннай балаататыттан Николай Бугаев уонна «Якутия с тобой!» уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурха кыттыыны ыллылар уонна уолаттарга алгыс тылларын анаатылар.
Бүгүҥҥү кэпсэтии куйаар нөҥүө икки өттүттэн хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: