Байыастар дьиэ кэргэттэрэ гаастааһыҥҥа көмөнү ыллылар

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 213 дьиэ кэргэттэрэ дьиэлэрин гаастааһыҥҥа үп-харчы көмөтүн ыллылар. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов алтынньы 13 күнүгэр  брифиҥҥэ эттэ.

Саха сиригэр байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө үлэтэ салҕанар. Чуолаан, кинилэр мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр  реабилитацияны ааһар уонна үп-харчы өттүнэн эрэ буолбакка, үлэҕэ киирэргэ, идэҕэ бэлэмнэниигэ көмөнү ылаллар.

«746 байыас төрөппүттэрэ сонотуоруйга-куруорка эмтэнэр кыахтаннылар. 554 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр айанныырга үп-харчы көмөтүн ылла. 1496 анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 2742 киһи доруобуйа харыстабылын уонна социальнай өҥө тэрилтэлэригэр реабилитацияны аастылар. 516 киһи дьиэҕэ олорон уонна стационарнай аҥаардаах көрүҥүнэн социальнай өҥөнү ылла», — диэн бэлиэтээтэ Георгий Степанов.

Өйөбүл биир сүрүн хайысхатынан демобилизацияламмыт байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйыы буолар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, дьарыктаах буолуу кииннэригэр үлэнэн хааччыллыыга көмө көрдөһөн, 1003 киһи сайабылыанньа биэрбит, ол иһигэр 376 байыаннай сулууспалаахтар уонна 627 дьиэ кэргэн чилиэннэрэ. Итинтэн 192 киһи идэҕэ үөрэнэ барбыт, оттон 630 киһи үлэҕэ киирбит.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Арыгылаах сүрэх” – эмиэ ыарыы

Арыгы организмҥа буортутун бары билэр курдукпут. Бу аһыы утах элбэх уорганы сүһүрдэриттэн чуолаан сүрэх үлэтигэр…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ханнык отоннор тымыры бөҕөргөтөллөрүй?

“Ежевика  тымырдары бөҕөргөтөр кыахтаах.  Састаабыгар С битэмиини уонна антиоксиданнары булуохха сөп”, - диэн диетолог, терапевт-быраас…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: БҮДҮРҮЙБҮТ КӨНҮӨ ДУО?

Халлаан тымныйан, биһиги курдук дьон дьиэҕэ хаайтарар кэммит кэллэ. Хаарыан өрөбүлүм таах хаалаары гынна, сырдык…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Байыас «Боха»: «Үс куппут бөҕөргүүр, кыайыыга эрэлбит күүһүрэр»

Бүгүн кэпсэтэр байыаһым Аҕа дойду көмүскэлин ытык иэһинэн ааҕар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх “Боха” диэн позывнойдаах…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Горнай чулуу булчуттарын туһунан кинигэ

Байанай – баай хара тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кинини былыргы сахалар олус үөрүнньэҥ, кэһии…

3 часа ago