Байыастар дьиэ кэргэттэрэ — национальнай-култуурунай түмсүүлэр болҕомтолоругар
Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр соруктаах тэриллибит «Бары бииргэ — Кыайыыга» аахсыйа Дьокуускайга норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолла.
Саалаҕа толору мустубут ыалдьыттарга туһаайан эҕэрдэ тылын СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Татьяна Пяткина эттэ.
Аахсыйа кэмигэр байыастар дьиэ кэргэттэригэр национальнай-култуурунай түмсүүлэр көмөлөрө туттарылынна. Манна СӨ нуучча общината, «Саха эйгэтэ» уопсастыбаннай түмсүү, Күн судаар дьаамсыктара, СӨ норуоттарын ыччакка ассамблеята, «Русскоустьинцы» ОО, «Тыва» национальнай түмсүү, «Вайнах» ингуштар түмсүүлэрэ, «Байтерек» казахтар общиналара, армяннар сойуустара, «Баку» азербайджаннар общиналара, уо.д.а. кытыннылар.
Маны сэргэ, национальнай-култуурунай түмсүүлэр дьиэ кэргэттэри кытары ыкса сибээһи олохтоотулар. Тэрээһин бары кыттыылаахтара биир улахан дьиэ кэргэн курдук буоллулар.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
Айталина Аргунова хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: