Салгыы
Байыастар дьиэ кэргэттэригэр болҕомто эмиэ ууруллар

Байыастар дьиэ кэргэттэригэр болҕомто эмиэ ууруллар

Ааптар:
19.10.2023, 15:30
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Оҕолор доруобуйаларын чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киҥҥэ байыастар дьиэ кэргэттэрин кытары эмиэ үлэлэһэллэр. 

Быйыл олунньу ыйтан бу киин баазатыгар байыастар дьиэ кэргэттэрин социальнай реабилитациялааһын үлэтэ ыытыллар. Бүгүҥҥү күн туругунан реабилитацияны 139 киһи ааспыт, итинтэн 51 улахан киһи уонна 88 оҕо.
«Хас биирдии оҕону кытта сэһэргэһии уонна диагностика туспа ыытыллар. Реабилитациялыыр маршрут оҥоһуллар. Кимиэхэ эрэ хамсанан-имсэнэн чөлгө түһүү, эмтиир физкултуура, массаж, физиотерапия наада. Ону тэҥэ, биһиэхэ араас оонньуур бырагыраамабыт элбэх, ону оҕолор олус сөбүлүүллэр«, — диир социальнай тэрилтэ дириэктэрэ Зинаида Максимова.

Улахан дьоҥҥо ураты болҕомто ууруллар. Психологтар «Ис дууһаттан кэпсэтии» диэн араас бэсиэдэлэри оҥороллор, сэһэргэһэллэр. Онно туохха саарбаҕалыылларын, туохтан куттаналларын ырыталлар. Маныаха киһи  туохтан санааргыырын аһаҕастык кэпсээтэҕинэ, уоскуйар. Маны сэргэ, улахан дьоҥҥо эмиэ физиотерапияны уонна битэмииннэри, араас эмтээх оттон чэйдэри аныыллар.

Өссө биир хайысханан учууталлар төрөппүттэри кытары үлэлэрэ буолар. Кинилэр ийэлэргэ оҕолорун хайдах дьарыктыылларыгар үөрэтэллэр, оҕо сайдарыгар туохха болҕомтону туһаайарга сүбэ-ама биэрэллэр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: