Оҕолор доруобуйаларын чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киҥҥэ байыастар дьиэ кэргэттэрин кытары эмиэ үлэлэһэллэр.
Быйыл олунньу ыйтан бу киин баазатыгар байыастар дьиэ кэргэттэрин социальнай реабилитациялааһын үлэтэ ыытыллар. Бүгүҥҥү күн туругунан реабилитацияны 139 киһи ааспыт, итинтэн 51 улахан киһи уонна 88 оҕо.
«Хас биирдии оҕону кытта сэһэргэһии уонна диагностика туспа ыытыллар. Реабилитациялыыр маршрут оҥоһуллар. Кимиэхэ эрэ хамсанан-имсэнэн чөлгө түһүү, эмтиир физкултуура, массаж, физиотерапия наада. Ону тэҥэ, биһиэхэ араас оонньуур бырагыраамабыт элбэх, ону оҕолор олус сөбүлүүллэр«, — диир социальнай тэрилтэ дириэктэрэ Зинаида Максимова.
Улахан дьоҥҥо ураты болҕомто ууруллар. Психологтар «Ис дууһаттан кэпсэтии» диэн араас бэсиэдэлэри оҥороллор, сэһэргэһэллэр. Онно туохха саарбаҕалыылларын, туохтан куттаналларын ырыталлар. Маныаха киһи туохтан санааргыырын аһаҕастык кэпсээтэҕинэ, уоскуйар. Маны сэргэ, улахан дьоҥҥо эмиэ физиотерапияны уонна битэмииннэри, араас эмтээх оттон чэйдэри аныыллар.
Өссө биир хайысханан учууталлар төрөппүттэри кытары үлэлэрэ буолар. Кинилэр ийэлэргэ оҕолорун хайдах дьарыктыылларыгар үөрэтэллэр, оҕо сайдарыгар туохха болҕомтону туһаайарга сүбэ-ама биэрэллэр.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…