Байыастар дьиэ кэргэттэриттэн 4 тыһыынча кэриҥэ сайаапканан араас көмө оҥоһулунна

Share

«#Бары бииргэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын волонтердара байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин тус сайаапкаларынан көмө оҥорууларын туһунан ыстаап салайааччыта Айыллаан Винокуров иһитиннэрэр.

— «#Бары бииргэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын волонтердара байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн киирэр сайаапкаларынан көмөнү оҥоруулара салҕана турар. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 4 тыһыынча кэриҥэ сайаапканан араас көмө оҥоһулунна. Ол курдук, бородууктаны, эми аҕалтарыыттан саҕалаан, тиэргэн иһинээҕи араас үлэлэргэ көмөлөһүннэриигэ наадыйабыт диэн сайабылыанньалар киирэ тураллар.

Волонтердар сарсыарда уон чаастан киэһэ алта чааска диэри 122 (эбии кунуопка — 6) быһа нүөмэринэн байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн көмөҕө наадыйыы туһунан сайабылыанньалары туталлар.

«#Бары бииргэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын аадырыһа — Дьокуускай куорат Орджоникидзе уул., 10, хаҥас киирэр аанынан.

Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ көмөҕө наадыйарын туһунан сайаапкатын ити анал нүөмэринэн эбэтэр ыйыллыбыт аадырыска кэлэн биэриэн сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago