Сунтаарга Зверев-Кыыл Уолун аатынан кииҥҥэ байыас уолаттарбыт ийэлэрэ, аҕалара, кэргэттэрэ, чугас дьонноро туһааннаах ыйытыктаах, долгутар этиилэрдээх улуус баһылыгын Анатолий Григорьевы уонна биир дойдулаахтарбытын Матвей Евсеевы, Афанасий Постниковы кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Сүрүннээн Саха сириттэн, Сунтаартан оҥоһуллар көмөлөр тустарынан, уолаттары уоппускаҕа аҕалыыны туруорсуу, кэргэттэрин төнүннэрии о.д.а. ыйыттылар, санааларын эттилэр.
Мустубут дьоҥҥо туһаайан Матвей Николаевич уолаттары кытта көрсөн кэлбитин туһунан кэпсээтэ. Ону сэргэ, оруна суох сонуннары итэҕэйбэккэ, сөптөөх иһитиннэриинэн сирдэтиэххэ диэн эттэ. Итиэннэ туһааннаах дьон оҕолоругар оскуолаҕа кэтэр таҥастарын атыылаһан биэриэх буолан үөртэ. Ыйытыылаах дьон 22093 нүөмэргэ эрийииэхтэрин сөп.
Тускулаана Горохова, Сунтаар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…
2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…