Байыастар доруобуйаларын чэбдигирдэр үлэлэр салҕаналлар
Инбэлииттэри кэлимник реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ 291 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 244 чилиэнэ доруобуйаларын чэбдигиртилэр.
Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ Киин дириэктэрэ Асида Алексеева кэпсээтэ. Манна киирбит дьоҥҥо социальнай-психологическай көмө оҥоһуллар уонна доруобуйаны чэбдигирдии үлэтэ ыытыллар.
«Самородок» бассейны кытары сибээстээх үлэлиибит. Манна сылдьан дьон чэбдигирэр. Өй-санаа сааһыланар, холкутуйаллар, сынньаналлар, уопсай туруктара тупсар. Маны сэргэ, «Арчы» дьиэтигэр алгыска сылдьаллар. Онон эмиэ көхсүлэрэ кэҥиир, уһуну-киэҥи толкуйдууллар, санаалара сааһыланар», — диэн этэр.
Кииҥҥэ, маны таһынан, сүбэ-ама биэрэллэр, тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүү 52-тэ тэриллибит. Сырдатар, иһитиннэрэр үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: