Салгыы
Байыастар хамнастарын тэҥниэхтэрэ

Байыастар хамнастарын тэҥниэхтэрэ

25.04.2023, 10:00
Хаартыска: РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Турчагы кытары көрүстэ. Андрей Анатольевич байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастар хамнастара хомуурунан эбэтэр хантараагынан бэйэ баҕатынан барбыттарыттан тутулуга суох тэҥ буолуохтааҕын иһитиннэрдэ.

 

Андрей Турчак иһитиннэрбитинэн, билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастар хамнастара хантараагынан бэйэ баҕатынан эбэтэр хомуурунан барбыттарыттан тутулуктаах.

Билигин хомуурунан барбыт уонна бэйэ баҕатынан хантараагынан сылдьар байыастар хамнастара араастаһар. Холобур, хомуурунан барбыт киһи тыылга, инники күөҥҥэ сылдьарыттан тутулуга суох 195 тыһыынча солкуобайы ылар эбит буоллаҕына, хантараагынан барбыт байыас ити сууманы инники кирбиигэ сылдьар эрэ буоллаҕына аахсар. Ол иһин манна сокуон өттүнэн көннөрүүнү киллэриэххэ, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара бары тэҥ хамнаһы ылалларын көрүөххэ, — диэн этэр кини.

Владимир Путин бу этиини өйөөтө. Байыас ханнык категорияҕа киирсэриттэн тутулуга суох биир хамнаһы ылыахтаах.

Бу боппуруоска улахан болҕомтону ууруохха наада. Ийэ дойдутун саа-саадах тутан көмүскүү сылдьар байыас, кини ханнык категорияҕа киирсэриттэн тутулуга суох, тэҥ усулуобуйалаах буолуохтаах. Хамнаһы тэҥнээһин хайаатар да барыахтаах, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Ону таһынан Андрей Турчак эрэгийиэннэр бары тус-туһунан бүддьүөттээхтэрин этэн туран, байыастарга көмө кинилэр ханна олороллоруттан тутулуга суох барыларыгар барыахтааҕын бэлиэтээтэ.

Билигин эрэгийиэннэр бары бэйэлэрин истэригэр байыастарыгар анал көмөнү тэрийэн олороллор. Ол эрээри эрэгийиэннэр бары тус-туһунан бүддьүөттээхтэр. Ол иһин федерация өттүттэн биир кэлим стандарт диэн баар буолуохтаах дии саныыбын. Бу көмөнү кыайан уйуммат эрэгийиэннэргэ көмөнү көрүөххэ. Саллаат уонна кини дьиэ кэргэнэ ханна олороллоруттан тутулуга суох биир көмөнү ылыахтаахтар, — диэн этэр кини.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 сентября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: