Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри тиэйэн икки буойас сотору кэминэн Саха сирин байыастарыгар анаан ДНӨ тирэх пууннарыгар тиийиэҕэ, диэн тирэх пууннар сүрүн координатора, «Юстас» позывнойдаах байыас иһитиннэрдэ.
«Тирэх пуун үлэһиттэрэ тутатына Саҥа дьыллааҕы Ил Дархан бэлэхтэрин байыастарга тиэрдиэхтэрэ. Маршруттара, тиэхиньикэ бигэргэтилиннилэр», — диэн «Юстас» бэлиэтээтэ. Хас биирдии бэлэх аайы Ил Дархантан байыастар деликатес астары тутуохтара: ыыһаммыт балык, хатарыллыбыт эт, халбаһы, собо балык миинэ, минньигэс ас уонна отон уута. Саҥа дьыл иннинэ өрөспүүбүлүкэ байыаннай госпиталларынан бэлэхтэри номнуо эмтэнэ сытар байыастар туппуттара.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бары өттүнэн өйөөһүн, Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэриигэ көмө оҥоруу тутаах сорук буоларын бэлиэтээбитэ.
«Биһиги байыаннайдарбытыгар матырыйаалынай уонна гуманитарнай көмөнү оҥоруу биир кэлим тиһигин оҥорбуппут. Эрэгийиэннэринэн тирэх пууннар ситимэ көдьүүстээхтик үлэлиир, кинилэр нөҥүө гуманитарнай таһаҕаһы ыыталлар«, — диэн бэлиэтээбитэ Айсен Николаев. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
СӨ ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар суолга саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, Бүлүү оройуонун Лөкөчөөн…
Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уруккута суох сүҥкэн улахан масштабтаах тутуунан буолар. Ирбэт тоҥноох…
“Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” авиахампаанньалар тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа иһинэн көтүүгэ оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн 16:45 мүнүүтэҕэ Байконур космодромуттан"Союз-2.1б" ракета-носители Сири тэйиччиттэн кэтээн көрөр космическай аппарааттаах ыыттылар. Ракета-носительга Саха…
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын сылы түмүктүүр кэллиэгийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суол-иис өттүгэр туох үлэ барбытын ырыттылар, түмүктэри…