Байыастар оҕолоро идэ ылыахтара

Share

Байыастар оҕолоругар улахан болҕомто ууруллар. 200 кэриҥэ оҕо «СВОи» бырайыак иитинэн оробуочай идэлэри ылыахтарын сөп.

Бу туһунан СӨ идэҕэ урутаан бэлэмниир киинин дириэктэрин солбуйааччы Полина Барахсанова иһитиннэрэр. Киин 2023 сыллаахха байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ ылбыт СӨ Ил Дарханын гранын иитинэн бырайыагы олоххо киллэрэр.

Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро «СВОи» бырайыак иитинэн  «А», «В», категориялаах суоппар идэтин ылыахтарын сөп. Маны сэргэ фотограф, мэдиссиинэ сиэстэрэтэ, пилота суох көтөр аппарааты салайааччы, уо.д.а. үөрэниэхтэрин сөп.

«Киин өйөбүлүнэн 9-11 кылааска үөрэнэр оҕолор босхо үөрэнэн идэ ылыахтарын сөп. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 24 кииҥҥэ 80 идэҕэ үөрэтэр бырагыраама баар. «СВОи» бырайыакка биһиги 200 оҕону хабыахтаахпыт. Билигин номнуо 168 оҕо араас бырагырааманан үөрэннэ», — диир кини.

Бырайыак туһунан сиһилии манна киирэн көрүөххэ сөп: https://copp14.ru/proekty/svoi.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: ахсынньы 28 күнэ

Бүгүн - баскыһыанньа, сыл бүтэһик сынньалаҥ күнэ. Бу күн ураты истиҥ, чуумпу эйгэлээх буолан, сулустар…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аллараа Халымаҕа +4 кыраадыска диэри сылыйыа

Бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар хаар түһэр, күүстээх тыал түһэр. Саамай дьиктитэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Идэтийии: өбүгэ үгэһин утумнааччылар»

Соторутааҕыта Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааста.   Төрүт сахалыы эйгэни…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сахаҕа бухатыырдар бааллара дуо?

Маны таһынан тустууга киһи ис күүһэ улахан оруоллаах. Бу, дьиҥэр, үөрэтиллибэтэх эйгэ. Биирдэ өрдөөҕүтэ биир…

13 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Кини  уордьана

Биллиилээх суруйааччы, суруналыыс, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, танкист, Албан аат III истиэпэннээх уордьан, бойобуой…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэҕэ көҕүлүүр бигэ тирэх

Бүлүү улууһун баһылыга С.Н.Винокуров, улуус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Г.С. Корякин салалталарынан улуус нэһилиэгин дьокутааттара СӨ муниципальнай…

15 часов ago