Байыастар оҕолоро Краснодарскай кыраайга көттүлэр

Share
Оҕо көмүскэлин күнүгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро — барыта 160 оҕо Краснодарскай кыраай Туапсинскай оройуонун «Созвездие» лааҕырыгар сынньана көттүлэр.
Быйыл оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар уонна дьарыктаах буолуутугар туһуламмыт кэлим үлэ саҕаланна. Улуустарга үлэ, спортивнай, экологическай лааҕырдары тэрийэр көҕүлээһиннэри өйүөхпүт. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньаныахтара, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов кэпсээтэ.
Быйыл байыастар оҕолоро — барыта 960 оҕо алта бөлөҕүнэн баран, Краснодарскай кыраай лааҕырдарыгар сынньаныахтара. Путевка уонна айан ороскуота өрөспүүбүлүкэ суотуттан толору төлөнөр.
Оҕолору кытта алта уопуттаах арыаллааччы — педагогтар уонна миэдиктэр көттүлэр. Биир педагог кэлиэхтэригэр диэри арыаллаан илдьэ сылдьыаҕа. Аара Москваҕа волонтердар көрсөн, көмөлөһүөхтэрэ.
«Созвездие» лааҕыр Хара муора кытылыгар «Геолог Ямала» чэбдигирдэр комплекс баазатыгар баар. Оҕолору интэриэһинэй бырагыраама, саҥа билсиһиилэр, муораҕа сөтүө, умнуллубат күннэр күүтэллэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago