Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр, төрөппүттэр эрийэн, Краснодарскай кыраайга лааҕырдарга сынньана барбыт оҕолор балаһыанньаларын туһунан ыйыттылар. Ил Дархан бу түбэлтэни тус хонтуруолугар ылла.
— Бу киһи абарар түбэлтэтэ судаарыстыбаннай тендер куонкуруһугар кыайбыт туроператор буруйунан таҕыста. Хомойуох иһин, маннык куонкурустарга кыайбыт тэрилтэлэр куруук үрдүк хаачыстыбаны мэктиэлээбэттэр. Оҕолор, буолаары буолан, байыастар оҕолор маннык балаһыанньаҕа түбэһиэ суохтаахтар, — диэн Айсен Николаев эппитэ.
От ыйын 13 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьэи кэргэттэриттэн 149 оҕо Краснодарскай кыраайга сынньана көппүттэрэ. Икки күн «Дружба» лааҕырга түһэн, Хара муораҕа сөтүөлээн, астыммыттара-дуоһуйбуттара.
Онтон кинилэри соһуччу «Зарница» лааҕырга көһөрбүттэрэ, онно санитария ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт кир-хох, эргэ, алдьаммыт миэбэл, хайдыбыт, түүнүгүрбүт утуйар таҥас, араас үөн-көйүүр, түүнүк, о.д.а. баар эбит.
Куонкуруһу Санкт-Петербуртан урбаанньыт кыайбыт, кини СӨ үөрэххэ министиэристибэтин кытта сөбүлэһиннэрбэккэ, сэрэппэккэ эрэ «Зарница» лааҕырга көһөрөргө быһаарыныы ылыммыт. Бука, харчытын кэмчилээтэҕэ буолуо.
Ил Дархан Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр, тустаах министиэристибэлэргэ оҕолору кылгас кэм иһигэр атын лааҕырга көһөрөргө сорудах биэрдэ.
Үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова, юрист уонна «Сосновый бор» лааҕыр бырааһа бүгүн көтөн тиийдилэр. Кинилэр оҕолор хайдах усулуобуйаҕа олороллорун көрөн-истэн, сыана быһан, бигэргэтиэхтэрэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…