Салгыы
1100-тэн тахса устудьуон үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар

1100-тэн тахса устудьуон үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар

03.03.2025, 20:40
Бөлөххө киир:
1182  үрдэтиллибит истипиэндьийэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар олохтоммут. Бу туһунан СӨ үөрэх миниистирин солбуйааччы Степан Степанов иһитиннэрэр.
Чуолаан  437 устудьуон истипиэндьийэни үрдүк үөрэх кыһатыгар,  745 – орто үөрэх кыһатыгар ылаллар.

Устудьуон оҕолоох уонна бэйэтэ эмиэ устудьуон буолбут байыастар эмиэ бааллар.  Кинилэр үрдүк, орто анал үөрэх кыһаларыгар судаарыстыба бүддьүөтүгэр  үөрэнэ киирэр дуогабардарын түһэрсэргэ тустаах үлэ ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 36 устудьуону кытта үлэ ыытыллар.

Спикер иһитиннэрбитинэн,  2142 дьиэ кэргэн уһуйааҥҥа оҕо көрүүтүн-истиитин иһин төлөбүртэн босхоломмуттар. Ону сэргэ, хонуктаах уһуйааҥҥа оскуола сааһын туола илик оҕолору сырытыннарарга үлэ барар.

Оскуолаларга  байыастар оҕолоро (2547 оҕо) босхо сылаас аһылыгынан хааччыллыбыттар.  1580 оҕо эбии дьарыкка сылдьар. 95 дьиэ кэргэн оскуола кэнниттэн эбии үөрэххэ сылдьар төлөбүртэн босхоломмуттар.

Өйөбүл миэрэлэр СӨ Ил Дарханын 2023 сыллааҕы 80 №-дээх «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» диэн алтынньы 23  күнүнээҕи ыйааҕыгар олоҕуран оҥоһуллаллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 марта
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: